Салгыы
Саха сиригэр суол саахалын ахсаана 0,3%-нан түспүт

Саха сиригэр суол саахалын ахсаана 0,3%-нан түспүт

Ааптар:
13.08.2025, 11:00
Хаартыска Суолга куттал суох буолуутун хааччыйар иниспиэксийэ телеграмм-ханаалыттан
Бөлөххө киир:

Бу сыл тохсунньу-бэс ыйдарыгар ИДьМ дааннайынан, дойду үрдүнэн 55,9 тыһыынча суол быһылаана бэлиэтэммит, бу ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ 0,7%-нан аҕыйах.

Суол саахалыгар эмсэҕэлээбит дьон ахсаана эмиэ намтаабыт – өлбүт дьон ахсаана былырыыҥҥы тохсунньу-бэс ыйдарынааҕар 2,8%-нан, оттон эчэйбиттэр ахсааннара 1%-нан аҕыйаабыт.  Бу эйгэҕэ балаһыанньаны сыаналыыр инниттэн «РИА Рейтинг» эспиэртэрэ РИА Новости сакааһынан уонна ИДьМ дааннайдарыгар олоҕуран, дойду үрдүнэн эрэгийиэннэрин суол саахалын рейтинин оҥордулар.

Суол саахалын саамай намыһах көрдөрүүтэ, уруккутун курдук, Чеченскэй Өрөспүүбүлүкэҕэ, оттон саамай үрдүк – Тыва Өрөспүүбүлүкэтигэр бэлиэтэннэ.

Саха сирэ бу испииһэккэ 44-с миэстэҕэ таҕыста. Бу сыл тохсунньу-бэс ыйдарын түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 100 тыһ. тырааныспарга 100,2 киһи эмсэҕэлээбит суол саахала тиксэр, бу былырыыҥҥы дааннайы тэҥнээтэххэ 0,3% аҕыйах.

Бары сонуннар
Салгыы
13 августа
  • 13°C
  • Ощущается: 12°Влажность: 71% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: