Саха сиригэр суол саахалын ахсаана 0,3%-нан түспүт

Share

Бу сыл тохсунньу-бэс ыйдарыгар ИДьМ дааннайынан, дойду үрдүнэн 55,9 тыһыынча суол быһылаана бэлиэтэммит, бу ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ 0,7%-нан аҕыйах.

Суол саахалыгар эмсэҕэлээбит дьон ахсаана эмиэ намтаабыт – өлбүт дьон ахсаана былырыыҥҥы тохсунньу-бэс ыйдарынааҕар 2,8%-нан, оттон эчэйбиттэр ахсааннара 1%-нан аҕыйаабыт.  Бу эйгэҕэ балаһыанньаны сыаналыыр инниттэн «РИА Рейтинг» эспиэртэрэ РИА Новости сакааһынан уонна ИДьМ дааннайдарыгар олоҕуран, дойду үрдүнэн эрэгийиэннэрин суол саахалын рейтинин оҥордулар.

Суол саахалын саамай намыһах көрдөрүүтэ, уруккутун курдук, Чеченскэй Өрөспүүбүлүкэҕэ, оттон саамай үрдүк – Тыва Өрөспүүбүлүкэтигэр бэлиэтэннэ.

Саха сирэ бу испииһэккэ 44-с миэстэҕэ таҕыста. Бу сыл тохсунньу-бэс ыйдарын түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 100 тыһ. тырааныспарга 100,2 киһи эмсэҕэлээбит суол саахала тиксэр, бу былырыыҥҥы дааннайы тэҥнээтэххэ 0,3% аҕыйах.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Тооку» оҕо ханаала саҥа ойуулук трейлерын билиһиннэрдэ

Төрдүс сылын анимация уонна дубляж устуудьуйалара үлэлиир «Тооку» оҕо телеханаала «Тооку уонна Чысхаан» диэн саҥа…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн орто хамнаһы ааҕыы уларыйыаҕа

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн күүһүгэр киирэр уурааҕынан дойдуга орто хамнаһы быһаарар саҥа бэрээдэк үлэһиттэргэ хас…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Аҕа дойдуга сулууспа» аахсыйа: байыаннай дьайыы бэтэрээнэ оҕо лааҕырыгар лиэксийэ аахта

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Аҕа дойдуга сулууспа» сырдатар аахсыйатын чэрчитинэн, Арассыыйатааҕы «Билии» уопсастыбатын өйөбүлүнэн, Дьокуускай куорат «Арктика…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Чокуурдаахха сыл бүтүөр диэри канализация уутун ыраастыыр ыстаансыйаны үлэҕэ киллэриэхтэрэ

Аллайыаха оройуонун Чокуурдаах бөһүөлэгэр бу сыл бүтүөр диэри кирдээх ууну ыраастыыр ыстаансыйаны үлэҕэ киллэрэри былаанныыллар.…

7 часов ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Александра Иванова: 25 сыл биир тэрилтэҕэ

Александра Иванова номнуо сүүрбэ биэс сыл устата сөбүлүүр дьыалатыгар – тапталлаах «Сэттис халлаан» кафеҕа дьону-сэргэни…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай дьайыы буойуннарыгар анаан саалары туталлар

Бүгүн Саха сириттэн төрүттээх «Хаҥыл» позывнойдаах байыаннай сулууспалаах Саха сирин олохтоохторугар туһаайан,  байыаннай дьайыы буойуннарыгар…

8 часов ago