Саха сиригэр суругунан литература 125 сыла бэлиэтэниэҕэ
Ил Дархан Айсен Николаев саха народнай бэйиэтэ Наталья Харлампьеваны кытта Саха сиригэр суругунан литературатын 125 сылыгар туһуламмыт тэрээһиннэри ыытыы туһунан сүбэлэстэ.
Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ суруйааччылары, ыалдьыттары эрэ буолбакка, Дьокуускай куорат уонна өрөспүүбүлүкэ улуустарын олохтоохторун кытыннаран, төһө кыалларынан элбэх ааҕааччыны хабыахха наадатын бэлиэтээтэ.
Сүрүн тэрээһининэн алтынньыга Дьокуускайга ыытыллыахтаах “Благодать большого снега” норуоттар икки ардыларынааҕы поэзия бэстибээлэ буолуоҕа. Наталья Харлампьева бэлиэтээбитинэн, быйыл бэстибээл Тиихэй акыйаан тиэмэтигэр ананарын быһыытынан, Вьетнамтан, Кытайтан, Монголияттан бэйиэттэри уонна бу тыллар тылбаасчыттара ыҥырыллалларын эттэ. Маны таһынан, биир сүрүн бырайыагынан саха литературатын устуоруйатын туһунан хаартыска альбомун оҥоруу – эмиэ суолталаах бырайыак. Сылы быһа саха суруйааччыларын төрөөбүт түөлбэлэригэр научнай-практическай эспэдииссийэлэр ыытыллыахтара, А.И. Софронов-Алампа сылдьыбыт сирдэринэн Өлүөнэ өрүс устун литературнай эспэдииссийэ айанныаҕа.
Кулун тутарга оскуола оҕолоругар өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай күрэс ыытыллыаҕа. “Муус устар» ыччат бэстибээлин кэмигэр 25-гэр диэри саастаах айар куттаах ыччакка литератураҕа, суруналыыстыкаҕа, драматургияҕа уонна кириитикэҕэ тургутан көрөр «Биһиги эдэрдэр» диэн пуорум тэриллиэҕэ.
Ил Дархан Ил Түмэҥҥэ Анал этиитигэр оҕо уһуйааныгар уонна оскуолаҕа этнокултуурунай эйгэни тэрийэр көҕүлээһиннэри өйүүр, төрөөбүт тылы туһаныы эйгэтин кэҥэтэр наадалааҕын бэлиэтээбитэ. Бу маннык үлэ суруйааччылары, тыйаатыр уонна киинэ эйгэтин уопсастыбанньыктарын кытта киэҥник бииргэ үлэлээһини эрэйэр.
Саха суругунан култууратын 125 сылыгар туһуламмыт тэрээһиннэр сылы быһа ыытыллыахтара. Үбүлүөйдээх даата суруйааччыта, бөлүһүөгэ Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй «Байанай алгыһа» бэйиэмэни суруйбут кэмиттэн, 1900 сылтан ааҕыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: