Салгыы
Саха сиригэр суукка иһигэр 16 ойуур баһаарын умуруордулар

Саха сиригэр суукка иһигэр 16 ойуур баһаарын умуруордулар

Ааптар:
05.08.2025, 11:04
Хаартыска Ил Дархан Телеграмм-ханаалыттан
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр ааспыт суукка иһигэр Абый, Үөһээ Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Бүлүү, Муома, Аллараа Халыма, Орто Халыма, Томпо уонна Эбээн-Бытантай улуустарынан 2 373,5 га иэннээх 16 ойуур баһаарын уонна 23 870 га иэннээх 2 ландшафтнай баһаары умуруордулар.

Бу туһунан эрэгийиэн суһал  ыстааба иһитиннэрэр. Атырдьах ыйын 5 күнүн сарсыардатыгар 80 507 га иэннээх сиргэ 33 ойуур баһаара умайа турар.

Тэҥнээн көрөр буоллахха, ааспыт сыл бу күнүгэр 565 561,2 га иэннээх сиргэ 68 ойуур баһаара баара. Билиҥҥи туругунан баһаардары умуруорууга 240 киһи тардылынна. Күүстэр уонна сэп-сэбиргэл  балаһыанньаттан көрөн эбиллэ тураллар.

СӨ Бырабыыталыстыбатын уурааҕынан,  ыам ыйын 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар баһаартан сэрэхтээх буолуу эрэсиимэ биллэрилибитэ. СӨ Ил Дарханын ыйааҕынан, бэс ыйын 5 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты эрэсиимэ киирбитэ. Ону таһынан, Үөһээ Дьааҥы, Өлүөхүмэ, Чурапчы уонна Эбээн-Бытантай улуустарыгар баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты эрэсиимнэрэ биллэриллибиттэрэ.

Ойуур баһаардарыттан сэрэхтээх буолуу кэмэ саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр уопсайа 77 252,8 га иэннээх сиргэ 270 ойуур баһаара умуруорулунна. Айылҕа баһаарын буллаххытына, Ойуур хаһаайыстыбатын эрэгийиэннээҕи диспетчерскэй сулууспатыгар бу нүөмэргэ эрийиҥ: 7 (4112) 44-74-76. Ону таһынан, ойуур хаһаайыстыбатын биир кэлим нүөмэригэр эрийиэххитин сөп: 8-800-100-94-00.

Бары сонуннар
Салгыы
3 сентября
  • 13°C
  • Ощущается: 12°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: