Саха сиригэр суукка иһигэр биир ойуур баһаарын умуруордулар
26.08.2023, 11:15

Андрей Сорокин (СИА) хаартыската
Бөлөххө киир:
Өрөспүүбүлүкэ суһал ыстааба иһитиннэрбитинэн, ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 3179 га иэннээх биир ойуур баһаара умуруорулунна.
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр сарсыарда уопсайа 26 340 га иэннээх 10 баһаар баара бэлиэтэнэр, онтон 4 бохсулунна. Саҥа ойуур баһаара бэлиэтэммэтэх.
Уоту умуруорууга 310 киһи уонна 4 тиэхиньикэ үлэлиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: