От ыйын 24 күнүнээҕи туругунан Саха сиригэр Алдан, Амма, Дьааҥы, Бүлүү, Ленскэй, Мииринэй, Сунтаар уонна Усуйаана улуустарын сирдэригэр 4 534,7 га иэҥҥэ 16 ойуур баһаара умайа турар.
Бу туһунан Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр. Баһаары умуруорууга 387 киһи уонна 23 анал тиэхиньикэ үлэлиир. Суукка устата Ленскэй, Сунтаар уонна Хаҥалас улуустарыгар үс ойуур баһаарын умуруордулар. Баһаар кутталлаах сезона саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр уопсайа 56 696,15 га иэҥҥэ 184 ойуур баһаара умуруорулунна.
Саха сиригэр 9514 оҕо төрөөтө. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2014 сылтан нэһилиэнньэ ахсаана үрдүү турар Уһук Илин…
Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар. Саха сирэ бэйэтин устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа…
Хата бу бэрт этии буолбут. Билигин киһиэхэ ханнык битэмиин тиийбэтин бэрэбиэркэлэтээри дьон хастыы да тыһыынчаны…
Мииринэй оройуонун суута Ленскэй оройуонун 39 саастаах олохтооҕун улахан уорууга буруйдаата. Буруйдаах киһи тралга суоппардаабыт…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин урбаанньыта Иван Иванович Борисов туһунан “Саха сирэ” хаһыат саайтын нөҥүө…
Аҕыс уон сыл анараа өттүгэр, аан дойдуну аймаабыт, харах уута тохтуулаах Аҕа дойду Улуу сэриитэ…