Хаартыска: www.sakha.gov.ru саайтан.
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 2 га уот сиэбит иэннээх 2 ойуур баһаарын умуруордулар. Алдан уонна Уус Маайа улуустарыгар күөдьүйүүнү бохсордулар.
Ону тэҥэ, Алдан, Бүлүү, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Уус Маайа улустарыгар 491,7 га иэннээх 9 ойуур баһаара баара билиннэ. Суукка саҕаланыыта 30 257,9 га иэннээх барыта 33 ойуур баһаара баар: Өлүөхүмэ улууһугар – 14, Алдан улууһугар – 6, Нерюнгри улууһугар – 5, Уус Маайа улууһугар – 3, Ньурба, Орто Халыма улуустарыгар – иккилии, Бүлүү улууһугар – 1. Итинтэн 1,5 тыһ. га иэннээх 8 баһаары боҕустулар. Баһаары умуруорууга 388 киһи кыттар. Барыта 21 тиэхиньикэ уонна авиация үлэлиир.
Суһал ыстаап иһитиннэрэринэн, ойуур пуондатын сиригэр баһаар кутталлаах кэмэ саҕаланыаҕыттан 1 411 283 га иэннээх 801 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. 2021 сыллаахха бу кэмҥэ 7,5 мөл. га иэннээх 1551 ойуур баһаара баара.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Инбэлииттэргэ уонна инбэлиит оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ араас өрүттээх көмө оҥоһуллар. СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга …
Дьокуускай куорат борокуратуурата 35 саастаах киһи холуобунай дьыалатыгар судаарыстыбаннай буруйдааһыны өйөөтө. Бу сууттаммыт киһи өлөрүүгэ…
Бүгүҥҥүттэн Дьокуускай куоракка Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ саҕаланна. Сийиэс икки…
РФ билимин, үрдүк үөрэҕин министиэристибэтэ 2026-2027 үөрэх дьылыгар министиэристибэ иһинэн үлэлиир үрдүк үөрэх кыһаларыгар тутарсарга,…
Федеральнай ханаал бырагырааматыгар Саха сиригэр олорор дьахтар төрүүр дьиэҕэ оҕотун уорбуттарын туһунан кэпсээтэ. Бу түмүгүнэн…
- «Улуу Кыайыы айымньылара » рубрикаҕа сэрии дьон дьылҕатынан оонньуурун туһунан Прокопий Чуукаар «Дьол хараҕын…