Саха сиригэр суукка устата 375 тыһ. га иэннээх 15 баһаары умуруорбуттар

Share

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 375 тыһ. га тахса иэннээх 15 баһаары умуруорбуттар. Ону тэҥэ, 54,6 тыһ. га тахса иэннээх уон баһаары бохсорбуттар. Бу туһунан атырдьах ыйын 2 күнүгэр РФ ЫБММ өрөспүүбүлүкэтээҕи управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Авиалесоохрана суһал чахчытынан, эрэгийиэҥҥэ 95 айылҕа баһаара баар. Суукка устата баһаары умуруорууга 1718 киһи, 141 тиэхиньикэ үлэлээбит. Сүрүн күүһү Өлүөхүмэ улууһун Куду Күөл, Тээнэ, Хоро, Чапаево сэлиэнньэлэрин, Үөһээ Бүлүү улууһун Өргүөт, Дьааҥы улууһун Сайдыы, Ленскэй улууһун  Инньэли, Сунтаар улууһун Мэлэкэ нэһилиэнньэлээх пууннарын бөҕөргөтүүгэ бырахпыттар.

“Нэһилиэнньэлээх пууҥҥа чугаһыыр кутталлаах аҕыс баһаары таһынан, биэдэмэстибэ хонтуруолугар Дьиикимдэ сэлиэнньэтин аттыгар “Өлүөхүмэ” айылҕа бобуулаах сиригэр түөрт баһаары хонтуруолга тутабыт. Арассыыйа ЫБММ аэромобильнай баһаарынайдарын бөлөҕө Куду, Өргүөт, Чапаево уонна Сайдыы сэлиэнньэлэрин аттыгар баар баһаардары умуруорууга сыһыарыллыбыта. Биэдэмэстибэ авиацията суукка устата Өлүөхүмэ улууһугар үлэлээтэ”—диэн РФ ЫБММ управлениетын начаалынньыга Павел Гарин этэр. Кини иһитиннэрбитинэн, бээтинсэҕэ ЫБММ авиацията Үөһээ Бүлүү уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар үлэлиэҕэ.

Атырдьах ыйын 1 күнүнээҕи туругунан Саха сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар салгыҥҥа химическэй бэссэстибэ үрдээһинэ бэлиэтэммэтэх. Буруо Өлүөхүмэ уонна Үөһээ Бүлүү улуустарын биэс нэһилиэнньэлээх пуунугар баар.

СИА. 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһыммыт сылыйда диэн үөрээхтиибит да…

Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Кэлэр сылга уоппусканы ханнык ыйга ылар табыгастааҕый?

Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Һунтаар һаҥа һыла — Хатаска»

Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх,  Хатас…

1 час ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Уонна…»: Зоя Сылгытова

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…

2 часа ago
  • Сонуннар

Электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар

Билигин электрогенерация  биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэҕэ диализнай киин аһыллыытын былаанныыллар

Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…

3 часа ago