Саха сиригэр суукка устата 5 ойуур баһаарын умуруордулар
04.09.2023, 11:30
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:
Саха сиригэр суукка устата Алдан, Ньурба, Өлүөхүмэ уонна Уус Маайа оройуоннарыгар 20 512 га иэннэх 5 ойуур баһаарын умуруордулар. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ суһал ыстааба иһитиннэрэр.
Итиэннэ Горнайга уонна Алдаҥҥа 282 га иэннээх 2 саҥа ойуур баһаара булулунна.
Балаҕан ыйын 4 күнүгэр сарсыарда уопсайа 15 371 га иэннээх 31 ойуур баһаара баар: 12 — Алдаҥҥа, 9 — Өлүөхүмэҕэ, 4 — Нерюнгрига, 2 — Уус Маайаҕа, 1 — Горнайга, 1 — Ленскэйгэ, 1 — Кэбээйигэ, 1 — Ньурбаҕа. Онтон 342 га иэннээх 3 баһаар бохсулунна.
Уоту умуруорууга 290 киһи уонна 19 тиэхиньикэ үлэлиир.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: