Саха сиригэр суукка устата ойуурга 8 баһаары умуллардылар

Share

Саха сиригэр суукка устата 33 тыһыынча гектардаах сиргэ ойуурга 8 баһаары умуллардылар.

Бу туһунан брифиҥҥэ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

Баһаардары Алдан, Амма, Кэбээйи, Мииринэй, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Уус Маайа оройуоннарыгар умуллардылар.

Ол да буоллар, авиациянан уонна космостан кэтээн көрүүгэ 2 тыһыынча гектарга 11 саҥа сиргэ тыаҕа уот турда.

Суукка саҕаланыыта Саха сиригэр  159 ойуур баһаара уонна сиринэн баһаар бэлиэтэннэ. Алдан, Бүлүү, Ленскэй, Уус Маайа оройуоннарыгар 42 тыһыынча гектарга 4 баһаары хаптаттылар.

Бу үлэҕэ 1827 киһи уонна 143 тиэхиньикэ үлэлииллэр. Авиация туһаныллар. Як-40 зондировщик-сөмөлүөт Саха сирин илин өттүгэр уонна Алдан оройуонугар үлэлиир. Саха сиригэр“Авиалесоохрана” ФБТ киирсэр үһүс зондировщик сөмөлүөт кэлэрэ күүтүллэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

8 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

11 часов ago