Салгыы
Саха сиригэр сууккаҕа 17 ойуур баһаара умуруорулунна

Саха сиригэр сууккаҕа 17 ойуур баһаара умуруорулунна

Ааптар:
21.06.2024, 14:30
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Ойуур баһаарын бохсооччулар күүстэринэн Саха сиригэр сууккаҕа 24675 гектар иэннээх сиргэ 17 ойуур баһаара умуруорулунна.

Бу туһунан бүгүн, бэс ыйын 21 күнүгэр, брифиҥҥэ Экология, айылҕа харыстабылын уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

Баһаарынайдар Алдан, Усуйаана, Горнай, Кэбээйи, Нерюнгри, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ, Орто Халыма улуустарыгар ойуур баһаарын тохтоттулар.

Космостан уонна авиациянан кэтээн көрүү түмүгүнэн 11 улууска 28 айылҕа баһаара турбута бэлиэтэннэ, ол иһигэр 13 134 гектар сиргэ 22 ойуур уонна 6 ландшафтнай ойуур баһаара: Абый, Аллайыаха, Үөһээ Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Мииринэй, Аллараа Муома, Аллараа Халыма, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Орто Халыма уонна Усуйаана оройуоннарыгар.

Мииринэй, Үөһээ Дьааҥый, Өлүөхүмэ оройуоннарыгар 2048 гектар иэннээх сигэ 6 ойуур баһаара умуорулунна. Саха сирин үрдүнэн баһаары умуруорууга 1 тыһыынча кэриҥэ киһи үлэлиир. 45 тиэхиньикэ тардылынна. Элбэх уот күөдьүйбүтэ ордук Арктика оройуоннарыгар баара билиннэ.

Орто Халыма оройуонун Сылгы Ыытар сэлиэнньэтин аттыгар уоту умуруорууга күүһүрдүү үлэтэ салгыы ыытыллар. Дьокуускайтан эбии 17 ойуур баһаарынайа көттө. Бэҕэһээ Ми-8 бөртөлүөтүнэн 10 сырыы уу куппутун туһунан иһитиннэрдилэр (20 туонна кэриҥэ).

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
1 июля
  • 18°C
  • Ощущается: 17°Влажность: 42% Скорость ветра: 6 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: