Салгыы
Саха сиригэр сууккаҕа 9 ойуур баһаара умуруорулунна

Саха сиригэр сууккаҕа 9 ойуур баһаара умуруорулунна

Ааптар:
04.06.2024, 16:00
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Сууккаҕа 1782 га иэннээх сиргэ 9 ойуур баһаара умуруорулунна диэн Саха сирин сүрүн  лесничэйэ Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

Ойуур баһаардарын «Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук территорияларыгар, ону таһынан Нам, Ньурба, Индигиир, Өлүөхүмэ, Хаҥалас, Сунтаар тыаларыгар умуруордулар. Ону тэҥэ Үөһээ Дьааҥы улууһугар 50 га сиргэ ландшафтнай баһаары умуруордулар. Ити кэмҥэ авиационнай уонна космическай кэтээн көрүү түмүгэр Алдан, Амма, Нам, Нерюнгри, Үөһээ Дьааҥы улуустарыгар, ону тэҥэ «Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурукка 15 саҥа ойуур баһаара турбута булулунна.

Саха сиригэр сууккаҕа барыта 29 ойуур баһаар турбута бэлиэтэнэр: 6 — Нерюнгри оройуонугар, 5 – Алдан оройуонугар, 4 – Өлүөхүмэ оройуонугар, 3 – Томпо оройуонугар, 2 – Үөһээ Дьааҥы оройуонугар, Нам, Усуйаана, Хаҥалас оройуоннарыгар, 1 – Амма, Уус Маайа, Эбээн- Бытантай оройуоннарыгар.

«Ойуур баһаарын бохсууга сылаас күннэр уонна тыал уустугурдар. Нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр куттал суох», — диэтэ Андрей Коноплев. Саха сиригэр тыаҕа баһаарынай куттал үрдүкү 4 кылааһа олохтонно, сорох сирдэринэн — 5 кылаастаах. Өлүөхүмэ улууһугар ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ салгыы үлэлиир. Ону кытта ураты баһаарынай эрэсиимэ Кэбээйи, Алдан, Таатта, Амма, Бүлүү, Үөһээ Дьааҥы, Сунтаар, Томпо, Мэҥэ Хаҥалас оройуоннарыгар уонна «Дьокуускай куорат» уокуруктарыгар олохтоммута.

Санатан эттэххэ, Саха сиригэр баһаарынай сезон ыам ыйын 6 күнүттэн аһыллыбыта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 июля
  • 11°C
  • Ощущается: 10°Влажность: 71% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: