Салгыы
Саха сиригэр сүөһүнү, сылгыны кыстатар от баар

Саха сиригэр сүөһүнү, сылгыны кыстатар от баар

31.10.2024, 09:00
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:

Сүөһү аһын бэлэмниир хампаанньа хайдах түмүктэммитин туһунан Ил Дархан Айсен Николаевка вице-премьер Сергей Местников уонна тыа хаһаайыстыбатын, ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров сүбэ мунньахха отчуоттаатылар диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сайын устата Саха сиригэр 411 тыһ. тахса туонна от бэлэмнэннэ, ол аата былаан 95% туолла. Бу мантан 37 тыһ. туоннаны ыраах сирдэргэ баран оттообут мобильнай биригээдэлэр биэрдилэр. Былырыыҥҥы 15 тыһ. туоннаттан тахса кур оту кытта 427 тыһ. туонна от оттонон,  161 тыһ. сүөһүнү, 181 тыһ .сылгыны кыстатар от баар буолла.

“Былааннаммыттан 95 %-ны ылыы – куһаҕана суох көрдөрүү. Ол эрээри объективнай биричиинэнэн, ол иһигэр курааны киллэрэн туран, сорох улуустар былааннарын толорботулар. Суол турда даҕаны бу улуустарга оту тиэйиини суһаллык хааччыйыахха наада”, — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

Тыа хаһаайыстыбатын, ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин чуолкайдаммыт дааннайынан, туруоруммут былааннарын 100% Абый, Ньурба, Ленскэй улуустара толорбуттар, Нам, Кэбээйи, Мииринэй, Уус Алдан, Хаҥалас, Эбээн Бытантай улуустара былааннарын аһара толорбуттар. Алдан, Муома, Өймөкөөн, Уус Маайа, Үөһээ Халыма улуустарыгар көрдөрүү намыһах.

Сүөһү аһын бэлэмниир хампаанньа чэрчитинэн 25,5 туонна сиилэс угулунна, бу эмиэ былаан 95% туолбутун көрдөрөр. 12,8 туонна сенаж бэлэмнэммит, былааны 3% аһарбыт.

Сүөһү аһын бэлэмниир муниципальнай бырагыраамаларга холбуу үбүлээһининэн 379 мөл. солк. субсидия көрүллүбүтэ, ол иһигэр өрөспүүбүлкэ бүддьүөтүттэн 175 мөл. солк., итиэннэ олохтоох бүддьүөттэртэн 204 мөл. солк. Бу көмөтүнэн быйыл 203 тиэхиньикэ уонна оборудование ылылынна, 196 км уһуннаах күрүө, 1 сиилэс траншеята, 400 туонна киирэр 3 оту харайар сир тутулунна.

Амма, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын хаһаайыстыбалара олохтоох туорахтан 2 тыһ. туоннаттан тахса комбикорму оҥорор былааннаахтар. Сылгы хаһаайыстыбаларыгар анаан 3 тыһ. туонна эбиэс зернофураж быһыытынан оҥоһуллуоҕа.

Бурдугу үүннэрэр хаһаайыстыбалар 9,9 тыһ. туонна туораҕы (былаантан 85% ) хомуйдулар, ол иһигэр 1392 туонна сэлиэһинэйи, 2098 туонна дьэһимиэни , 6464 туонна эбиэһи.

Хортуоппуй үүннэрэр хаһаайыстыбалар 6168 га сиртэн 62575 туонна үүнүүнү ыллылар, былаан 71900 туонна этэ (87%).

Оҕуруот аһыгар көрдөрүү үчүгэй. 26812 туонна былааннаммытын, 28612 туонна оҕуруот аһа хомулунна (107%). Аһаҕас сиргэ үүммүт оҕуруот аһыттан 19510 туонна хомулунна, сабыылаах сиргэ үүммүттэн – 9102 туонна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: