Салгыы
Саха сиригэр сыл бүтүөр диэри 13 оскуола аһыллыаҕа

Саха сиригэр сыл бүтүөр диэри 13 оскуола аһыллыаҕа

20.10.2022, 17:00
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр 2022 сылга национальнай бырайыак чэрчитинэн 13 оскуола үлэҕэ киириэҕэ. Ол курдук, 4000 кэриҥэ оҕо саҥа оскуолаҕа үөрэниэҕэ.

«Сотору өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саамай улахан, 990 миэстэлээх оскуола Дьокуускайга «Прометей» микро-түөлбэҕэ аһыллыаҕа», — диэн СӨ бырабыыталыстыбатын бастакы солбуйааччы Кирилл Бычков бэлиэтиир. Ону сэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ 120 миэстэлээх коррекционнай оскуола-интэринээт тутуллуохтаах. Итиэннэ Пригороднай сэлиэнньэҕэ 5 уонна 12№-дээх оскуолаларыгар салҕааһын тутуллуохтаах.  Кузьма Гаврилов аатын сүгэр Дьокуускайдааҕы эргиэн-экэнэмиичэскэй кэллиэс дьиэтин атыылаһан, онно 1№-дээх оскуола олохсуйбута.

Саҥа уһуйаан-оскуолалар Чурапчы Туора Күөлүгэр, Ньурба Чаппандатыгар тутуллуохтара. Ону сэргэ аныгы саҥа оскуолалар Уус Алдан Бороҕонугар, Горнай Бэрдьигэстээҕэр аһыллыахтара.

«Үөһээ Бүлүү Тамалакааныгар, Эдьигээн Кыстатыамыгар бу эбийиэктэр бааллар. Ону таһынан Сунтаар  Кириэстээҕэр уонна Нам Кириэс-Кытылыгар саҥа оскуолалар номнуо ааннарын аспыттара. Оттон уһуйааннар туһунан эттэххэ,  260 миэстэлээх алта саҥа уһуйааннар тутулла тураллар.  Үөһээ Бүлүү Харбалатыгар, Бүлүү Үгүлээтигэр, Ньурба Маарыгар, Орто Халыма Налимскайыгар тутулла тураллар», — диэн Кирилл Бычков бэлиэтээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: