Саха сиригэр сыл бүтүөр диэри 260 элбэх кыбартыыралаах дьиэни өрөмүөннүөхтэрэ

Share

Эрэгийиннээҕи бырагыраама иитинэн 260-тан тахса дьиэ өрөмүөннэнэр. Бу туһунан бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ.

Бүгүҥҥү туругунан уопсайа 99 дьиэҕэ өрөмүөн үлэтэ бүппүт. Былааннаммытынан акылааттара, кырыыһалара, лифтэрэ, инженернэй ситимнэрэ саҥардыллыбыттар, онтон да атын үлэлэр ыытыллыбыттар. Атын дьиэлэргэ үлэ салҕанар.

Үлэ улахан өттө Дьокуускайга ыытыллар. Олор ортолоругар — Каландаришвили, 40/6 уонна Лермонтов уул., 92/2 бааллар. Баларга Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы сылдьан үлэни-хамнаһы көрбүт, бэрэбиэркэлээбит.

«Үлэлэр хаачыстыбалаахтык толоруллубуттар. Балконнары ситэрэн оҥоруохтара. Оттон сотору кэминэн эбийиэктэри түмүктээн туттарыахтара», — диир кини.

Былырыын 240 дьиэҕэ хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбыта. Алта сыл устатыгар биир тыһыынчаттан тахса дьиэ саҥардылынна.

Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ хапытаалынай өрөмүөнү оҥоруу уочарата дьиэ тэхиньиичэскэй туругар олоҕуран эрэгийиэннээҕи бырагырааманан быһаарыллар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

43 минуты ago
  • Куонкурус
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

3 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

4 часа ago