Саха сиригэр сыл бүтүөр диэри үс гибриднэй энергокомплексы үлэҕэ киллэриэхтэрэ
2024 сыллаахха Саха сиригэр локальнай энергетика үс аныгы эбийиэгин үлэҕэ киллэриэхтэрэ. Автоматизированнай гибриднэй энергокомплекстар (АГЭК) Өймөкөөн улууһун Өймөкөөн, Куйдуһун уонна Орто Балаҕан сэлиэнньэлэригэр тутулла тураллар.
Хас биирдии энергокомплекс биир автоматизированнай салайар тиһиккэ холбоммут үрдүк күүрүүлээх дизельнэй уот ыстаансыйалаах, күн уотунан үлэлиир ыстаансыйалаах уонна энергияны мунньар систиэмэлээх.
Күн уотунан үлэлиир ыстаансыйаны уонна кэмчилиир дизель-генератордары туһаннахха, оттугу таһыы итиэннэ тулалыыр эйгэни буорту гыныы аччыаҕа.
Автоматизированнай гибриднэй энергокомплекстары туһаныы Илиҥҥи экономическай пуорумҥа илии баттаһыы түмүгэр РусГидроны кытта сөбүлэһии чэрчитинэн олоххо киирэн эрэллэр. Уопсайа маннык 73 эбийиэк тутуллара былааннанар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: