Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 15 млрд солк. кэриҥэ суумаҕа биир кэлим босуобуйа анаммыт
20.08.2024, 14:45
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:
Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан биир кэлим босуобуйа 92 354 оҕо төрөппүттэригэр уонна 2531 оҕо күүтэр дьахталларга анаммыт.
Бу сыалга судаарыстыба бүддьүөтүттэн 14 млрд 930 мөл. солкуобай көрүллүбүт. Бу туһунан Саха сиринээҕи Социальнай пуонда отделын управляющайа Марина Герман иһитиннэрдэ.
«Биир кэлим босуобуйа 12 ыйга ананар. Ол эрээри, сорох түгэннэргэ төлөбүр болдьоҕун иннинэ тохтотуллуон сөп. 17 сааһын оҕо туолбут ыйыттан төлөбүр бүтэһиктээҕин ааҕыллар. Холобур, оҕо атырдьах ыйыгар 17 сааһын туолар буоллаҕына, балаҕан ыйыгар биир кэлим босуобуйа атырдьах ыйыгар буолуоҕа», — диэтэ Марина Герман.
Социальнай өйөбүл миэрэлэрин анааһын боппуруостарыгар консультацияны 8 800 100-00-01 төлөпүөн нүөмэринэн ылыахха сөп.
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: