Салгыы
Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 15 млрд солк. кэриҥэ суумаҕа биир кэлим босуобуйа анаммыт

Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 15 млрд солк. кэриҥэ суумаҕа биир кэлим босуобуйа анаммыт

Ааптар:
20.08.2024, 14:45
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан биир кэлим босуобуйа 92 354 оҕо төрөппүттэригэр уонна 2531 оҕо күүтэр дьахталларга анаммыт.

Бу сыалга судаарыстыба бүддьүөтүттэн 14 млрд 930 мөл. солкуобай көрүллүбүт. Бу туһунан Саха сиринээҕи Социальнай пуонда отделын управляющайа Марина Герман иһитиннэрдэ.

«Биир кэлим босуобуйа 12 ыйга ананар. Ол эрээри, сорох түгэннэргэ төлөбүр болдьоҕун иннинэ тохтотуллуон сөп. 17 сааһын оҕо туолбут ыйыттан төлөбүр бүтэһиктээҕин ааҕыллар. Холобур, оҕо атырдьах ыйыгар 17 сааһын туолар буоллаҕына, балаҕан ыйыгар биир кэлим босуобуйа атырдьах ыйыгар буолуоҕа», — диэтэ Марина Герман.

Социальнай өйөбүл миэрэлэрин анааһын боппуруостарыгар консультацияны  8 800 100-00-01 төлөпүөн нүөмэринэн ылыахха сөп.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -4°Влажность: 93% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: