Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 250-тан тахса инбэлииттээх киһини үлэҕэ киллэрдилэр

Share

Сыл саҕаланыаҕыттан дьарыктаах буолуу сулууспалара 252 инбэлииттээх киһини үлэҕэ киллэрдилэр диэн СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтэ иһитиннэрэр.

Бэйэтигэр сөптөөх үлэни көрдөөн 539 инбэлииттээх киһи кэлбититтэн 46,7 %-на булбут. Үлэтэ суоҕунан бэриллэр босуобуйа 180 киһиэхэ анаммыт. Идэҕэ үөрэтиигэ 29 киһи ыытыллыбыт. 456 киһиэхэ ханнык идэлэр баалларын билиһиннэрэр судаарыстыбаннай өҥө оҥоһуллубут.

Хаартыска: sakha.gov.ru

Урукку курдук ураты болҕомто эдэр инбэлииттэр үлэ булалларыгар ууруллар. Дьону кытта үлэлии үөрэтэр судаарыстыбаннай өҥөнү инбэлииттээх 176 киһи ылбыт. 11 киһиэхэ бэйэтин дьыалатын арынарыгар биирдэ бэриллэр үбүнэн өйөбүл оҥоһуллубут.

Статистика этэринэн, саамай наадалаах дьонунан силиэсэр, оробуочай, дьиэни хомуйааччы, инженер, суол оробуочайа, суоппар, исписэлиис, менеджер, диспетчер, дьиэ таһын хомуйааччы эбиттэр.

Инбэлииттээх дьону үлэҕэ киллэриигэ үлэ миэстэтин кубуоталааһын улахан оруолу ылар. Бу чэрчитинэн “Алроса” ПАУо, “Саха сирин тимир суоллара” АУо, “Колмар” ХЭУо УК, “Якутуголь”ПАУо, оскуолалар, балыыһалар, уһуйааннар үлэ миэстэтин таһаараллар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ 1068 тэрилтэҕэ 3163 үлэ миэстэтигэр инбэлиттээх дьону үлэҕэ ылыыга кубуота олохтоммута. Кубуотанан үлэлиир инбэлииттээх киһи ахсаана — 2338.

Ордук чаастатык үлэ биэрээччилэринэн “Арассыыйа буостата” АУо, “Алроса” ПАУо, “Ростелеком” ПАУо, “Хоту сир аэропортара” ФКП, “ДЭК” Энергосбыт” ПАУо, “Якутцемент” АУо, “Транснефть-Восток” ХЭУо, “Колмар” ХЭУо УК, “Якутуголь” ААУо ХК, ону тэҥэ оскуолалар, балыыһалар, уһуйааннар буолаллар.

Инбэлииттэр федеральнай реестрдэрэ көрдөрөрүнэн, 2024 сыл атырдьах ыйын 1 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ олорор инбэлииттээх киһи ахсаана 52147, ол иһигэр үлэлиир саастаах киһитэ – 28037, ол онтон үлэлиирэ – 8343 (29,8 %). Бу дойду көрдөрүүтүттэн 1,9 %-нан улахан. Бу дааннайынан өрөспүүбүлүкэ дойду эрэгийиэннэрин иһигэр 21 миэстэҕэ, Уһук Илин уокуругар иккис миэстэҕэ сылдьар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

8 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

12 часов ago