Салгыы
Саха сиригэр сыллааҕы инфляция 7,98%-ҥа тэҥнэстэ

Саха сиригэр сыллааҕы инфляция 7,98%-ҥа тэҥнэстэ

19.07.2024, 12:35
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр сыллааҕы инфляция бэс ыйыгар  7,98% буолла. Уһук Илиннээҕи федеральнай уокурукка — 9,30%, Арассыыйаҕа —  8,59%-ҥа тэҥнэстэ, онон Саха сиригэр арыый намыһах диэн Киин Баан иһитиннэрэр.

Аска-үөлгэ, бородууктаҕа инфляция таһыма 8,27% буолла. Ордук эт бородууксуйатыгар үрдээбитэ бэлиэтэнэр. Виноградка, хаппыыстаҕа сыана түспүт.

Атын табаардарга сыана сыл устата 7,98% үрдээбит. Оҥорон таһаарааччылар логистикаҕа уонна хамнаска ороскуот үрдээбитинэн, сыаналарын үрдэтэллэр.

Өҥөнү оҥорууга инфляция  7,70% буолбут. Дойду иһинэн айаҥҥа сыана биллэ үрдээбит. Холобур, былырыын бэс ыйыгар  билиэккэ субсидия көрүллэн, сыана түһэ сылдьыбыт эбит.

Арассыыйаҕа 2024 сыл бэс ыйыгар сыллааҕы инфляция 8,59%-ҥа тэҥнэстэ. Киин Баан иһитиннэрэринэн, 2024 сыл бастакы кыбартаалынааҕар бэс ыйыгар инфляция үрдээтэ уонна билиҥҥитэ намтыыр сибикитэ суох.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 сентября
  • 5°C
  • Ощущается: 1°Влажность: 65% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: