Саха сиригэр сыллааҕы инфляция бэс ыйыгар 7,98% буолла. Уһук Илиннээҕи федеральнай уокурукка — 9,30%, Арассыыйаҕа — 8,59%-ҥа тэҥнэстэ, онон Саха сиригэр арыый намыһах диэн Киин Баан иһитиннэрэр.
Аска-үөлгэ, бородууктаҕа инфляция таһыма 8,27% буолла. Ордук эт бородууксуйатыгар үрдээбитэ бэлиэтэнэр. Виноградка, хаппыыстаҕа сыана түспүт.
Атын табаардарга сыана сыл устата 7,98% үрдээбит. Оҥорон таһаарааччылар логистикаҕа уонна хамнаска ороскуот үрдээбитинэн, сыаналарын үрдэтэллэр.
Өҥөнү оҥорууга инфляция 7,70% буолбут. Дойду иһинэн айаҥҥа сыана биллэ үрдээбит. Холобур, былырыын бэс ыйыгар билиэккэ субсидия көрүллэн, сыана түһэ сылдьыбыт эбит.
Арассыыйаҕа 2024 сыл бэс ыйыгар сыллааҕы инфляция 8,59%-ҥа тэҥнэстэ. Киин Баан иһитиннэрэринэн, 2024 сыл бастакы кыбартаалынааҕар бэс ыйыгар инфляция үрдээтэ уонна билиҥҥитэ намтыыр сибикитэ суох.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…