Саха сиригэр «Сүүс сыл оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал үбүн ким хайдах тутунна?

Share

2023 сыл от ыйыгар Саха сиригэр 980 оҕо күн сирин көрбүт: 504 – уол уонна 476 – кыыс. Кинилэр бары Ил Дархан Айсен Николаев бигэргэппит “Сүүс сыл оҕолоро” тус сыаллаах хапытал үбүн ылыахтара.

Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар төрөөбүт оҕолорго бэриллэр “Сүүс сыл оҕолорун” хапытаалын биэриини өссө 5 сылга уһатта. Ол иһин хапытаал 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2027 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри кэмҥэ төрөөбүт эбэтэр иитэ ылыллыбыт оҕолорго барыларыгар бэриллэр.

Тус сыаллаах хапытаал суумата (индексация учуоттанан) 105 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр.

Хапытаалы ордук элбэхтик олорор дьиэни тупсарарга (4 327 сайабылыанньа) эбэтэр тырааныспар атыылаһарга (1 343 сайабылыанньа) туһаналлар.

35 ыал хапытаал үбүн оҕо аатыгар бааҥҥа уурунууну арыйарга, 34 ыал – тус хаһаайыстыбаны сайыннарарга,  22 ыал – оҕоҕо үрдүк технологиялаах мэдиссиинискэй көмөнү оҥорорго, 12 ыал – оҕо үөрэҕэр, 8 ыал – дойду иһигэр дьиэ кэргэнинэн сынньанарга туһаннылар.

2023 сылтан саҕалаан “Сүүс сыл оҕолоро” дьиэ кэргэн хапытаалын хайысхата “Олорор дьиэҕэ гааһы киллэрии” испииһэгинэн эбилиннэ. Билигин хапытаал  үбүнэн гаас тэрилин атыылаһарга уонна бас билэр дьиэҕэр гааһы киллэрии үлэлэригэр туһаныахха сөп.

Айсен Николаев сорудаҕынан “Сүүс сыл  оҕолоро” тус сыаллаах хапытаалы оҥорторуу уонна ылыы муҥутаан судургутуйда, онтон туһаныы эйгэтэ кэҥээтэ. Хапытаалы ыларга  сайабалыанньа суруйар эбэтэр социальнай көмүскэл  уорганнарыгар кэлэр наадата суох.  Төрөппүттэр РФ гражданнара уонна өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар олороллоругар регистрациялаах буолуохтаахтар, ону таһынан оҕо төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэ ЗАГС уорганнарыгар ылыахтаахтар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

43 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

1 час ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

2 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

3 часа ago