Саха сиригэр табахтан аккаастаныы нэдиэлэтэ саҕаланна
Ыам ыйын 27 күнүттэн бэс ыйын 2 күнүгэр диэри Саха сиригэр табахтан аккаастаныы нэдиэлэтэ ыам ыйын 31 күнүгэр бэлиэтэнэр Табаҕа суох аан дойдутааҕы күнүн көрсө ыытыллар.
Билигин биһиги дойдубутугар табаҕы тардыы хроническайа суох инфекционнай ыарыы биэс сүрүн төрүөтүнэн буолар. Табаҕы тардыы киһи доруобуйатын туруга мөлтөөһүнүгэр, этэ-сиинэ айгырыырыгар, тириитин уонна баттаҕын туруга уларыйыытыгар, уопсайынан, киһи тас көрүҥэ мөлтүүрүгэр тиэрдэр. Кэккэ табахсыттарга араак ыарыыта сайдар кутталлаахтар.
Бу нэдиэлэ устата тэлэбиидэнньэнэн биэриилэри, онлайн марафоннары, араадьыйанан таһаарыылары уонна быһа эпиирдэри ыытыы былааннанар. Өрөспүүбүлүкэ быраастара табахтан аккаастаныы боппуруостарыгар сырдатар иһитиннэриилэри оҥоруохтара.
Бэлиэтээн эттэххэ, табахтан аккаастаныы доруобуйаны тупсарыыга, эдэр буолууга, киһи организмын нуорматыгар тиэрдэр кыах баарын өйдүөх тустааххыт.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: