Саха сиригэр төрөөбүт тыл, литература уонна култуура учууталларын сийиэһэ ыытыллыа
Дьокуускай куоракка ахсынньы 13-14 күннэригэр Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар төрөөбүт тылларын, литератураларын уонна култуураларын учууталларын сийиэһэ ыытыллара былааннанар.
Сийиэскэ өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан дэлэгээттэр уонна Арассыыйа араас куораттарыттан Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын ыҥырыылаах бэрэстэбиитэллэрэ кыттыахтара.
Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайыытынан тэрийэр кэмитиэт тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнии хайдах баран иһэрин туһунан мунньахтаата диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев «Арктика оҕолоро» бырагыраама уонна судаарыстыбаннай бырагыраамалар чэрчилэринэн Арктика улуустарыгар үөрэх хаачыстыбатын үрдэтии, үөрэхтээһини сайыннарыы боппуруостарыгар кэлим дьаһаллары ыларга соруйбута.
Сийиэскэ научнай-педагогическай холбоһук өрөспүүбүлүкэ норуоттарын төрөөбүт тылларын, литератураларын уонна култуураларын үөрэтиини тупсарарга күүһүн түмүөҕэ.
Сийиэскэ төрөөбүт тылы үөрэтиини, ФГОС ирдэбиллэрин учуоттаан үөрэтэр-методическай комплексы ырытыы, каадыры бэлэмнээһин, учууталлар квалификацияларын үрдэтии, төрөөбүт тылы үөрэтэргэ цифровой платформаны туттуу, о.д.а. боппуруостары дьүүллэһиэхтэрэ.
Сийиэс чэрчитинэн пленарнай мунньах, бырайыактыыр сиэссийэлэр, билиһиннэрэр былаһааккалар, аһаҕас дискуссиялар, быыстапкалар ыытыллыахтара. Тэрээһин түмүгүнэн Саха сирин хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттарын төрөөбүт тылларын, литератураларын уонна култуураларын сийиэһин түмүктүүр докумуонун олоххо киллэрэр «дорожнай карта» ырытыллан оҥоһуллуо.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: