Саха сиригэр территориялары урутаан сайыннарар бырайыак ыыра өссө кэҥиир
09.11.2022, 11:47
Бөлөххө киир:
2022 сыл уон ыйынааҕы туругунан, Саха сиригэр территориялары урутаан сайыннарарга аналлаах 10 тэрилтэ эбиллэн биэрбит. Онон тутуу, ойуур хаһаайыстыбатын уонна бырамыысыланнас салаалаларыгар эбии 750-тан тахса үлэ саҥа миэстэ баар буолбут.
«Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаччы көмөтүнэн Уһук Илиҥҥи уокурукка аналлаах чэпчэтиилэр көрүллүбүттэринэн сибээстээн, биһиги өрөспүүбүлүкэбит экэниэмикэтин өссө сайыннарыахпыт уонна, сүрүн сыалынан-соругунан дьон олоҕо тупсарын туһугар сөптөөх үлэни тэрийиэхпит», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев эппит.
Резиденнэр бырайыактара сүрүннээн тутуу матырыйаалын, хомунаалынай хаһаайыстыба салаатыгар туһаныллар оборудованиелары миэстэтигэр оҥорорго аналлаахтара махталлаах дьыала. Ону тэҥэ, тэпилииссэ комплекстарын уонна ювелирнай-кырыылыыр кластеры сайыннарарга туһуламмыттар.
2022 сыл саҥатыттан «Саха сирэ» территориялары урутаан сайыннарарга резидент статуһун «Саха Недра Снабжение» (көтөҕөр анал оборудованиены оҥорор), «Бимтехнет» (тутуулары дизайнныыр), «Айылга» (кытаанах тобоҕу наардыыр ыстаансыйалары тутар) ылбыттара. Ону тэҥэ, кэлин «Растим Лес Якутии» (маһы олордуунан дьарыктанар, анал питомниктары тутар), «Фасаддизайн» (фасад матырыйаалларыноҥорор), «Ил Аэро» (аччыгый авиациянан дьарыктанар), «Восток Эйр» (бөртөлүөт киинин тэрийэр) , «Соляная лавка» (тууһу оҥорор) уонна «Уруу Плюс» (ювелирнай-кырыылыыр кластер) эбиллэн биэрбиттэрэ. Нерюнгри оройуонугар «Соҕуруу Саха сирэ» территориялары урутаан сайыннарарга аналлаах саҥа резидент тэриллибитэ. «Якутская рудная компания» тэрилтэ Сиваглинскайдааҕы тимир рудатын туһаҕа таһаарыаҕа.
Онон «Саха сирэ» уонна «Соҕуруу Саха сирэ» диэн территориялары урутаан сайыннарарга 57 резидент үлэлиирин түмүгэр, барыта 8,8 тыһыынча үлэ саҥа миэстэтэ тэриллибит уонна бу бырайыактары олоххо киллэриигэ 127, 4 млрд. солк инвестиция көрүллэрэ ситиһиллибит.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: