Салгыы
Саха сиригэр тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээтэ

Саха сиригэр тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээтэ

10.01.2023, 08:44
Бөлөххө киир:

2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Саха сиригэр тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээн, нэһилиэнньэ дууһатыгар, ортотунан, 21 706 солк. буолла диэн  СӨ Үлэҕэ министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Үлэлиир дьоҥҥо – 23 660, биэнсийэлээхтэргэ – 18 667, оҕолорго – 22 560 солкуобайга тэҥнэстэ. Онтон зоналарынан араартаатахха:

— I зонаҕа Арктика оройуоннара киирэллэр. Манна тиийинэн олоруу алын кээмэйэ нэһилиэнньэ дууһатыгар, ортотунан, 25 396 солк., үлэлиир дьоҥҥо – 27 682, биэнсийэлээхтэргэ – 21 840, оҕолорго – 26 395 солкуобайга тэҥнэстэ.

—  II зонаҕа киин оройуоннар уонна Дьокуускай куорат киирэллэр. Манна тиийинэн олоруу алын кээмэйэ нэһилиэнньэ дууһатыгар, ортотунан, 21 272 солкуобай буолла. Үлэлиир дьоҥҥо – 23 187, биэнсийэлээхтэргэ – 18 294, оҕолорго – 22 109 солкуобайга тэҥнэстэ.

2023 сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйэ сыана үрдээһининэн сибээстээн, ураты бэрээдэгинэн, урутаан улаатыыны учуоттаан олохтонно. Инньэ гынан 2022 сыл тохсунньутун кытары тэҥнээтэххэ, 13,6 % үрдээтэ.

Санатан эттэххэ, тиийинэн олоруу алын кээмэйэ кыаммат араҥа, тиийиммэт-түгэммэт дьиэ кэргэн судаарыстыбаннай социальнай көмөҕө наадыйыытын сыаналааһыҥҥа, ону тэҥэ оҕо төрөөһүнүгэр уонна иитиитигэр ыйдааҕы босуобуйа кээмэйин итиэннэ көмө кээмэйин ааҕыыга аналлаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 сентября
  • 5°C
  • Ощущается: 1°Влажность: 65% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: