2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Саха сиригэр тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээн, нэһилиэнньэ дууһатыгар, ортотунан, 21 706 солк. буолла диэн СӨ Үлэҕэ министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Үлэлиир дьоҥҥо – 23 660, биэнсийэлээхтэргэ – 18 667, оҕолорго – 22 560 солкуобайга тэҥнэстэ. Онтон зоналарынан араартаатахха:
— I зонаҕа Арктика оройуоннара киирэллэр. Манна тиийинэн олоруу алын кээмэйэ нэһилиэнньэ дууһатыгар, ортотунан, 25 396 солк., үлэлиир дьоҥҥо – 27 682, биэнсийэлээхтэргэ – 21 840, оҕолорго – 26 395 солкуобайга тэҥнэстэ.
— II зонаҕа киин оройуоннар уонна Дьокуускай куорат киирэллэр. Манна тиийинэн олоруу алын кээмэйэ нэһилиэнньэ дууһатыгар, ортотунан, 21 272 солкуобай буолла. Үлэлиир дьоҥҥо – 23 187, биэнсийэлээхтэргэ – 18 294, оҕолорго – 22 109 солкуобайга тэҥнэстэ.
2023 сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйэ сыана үрдээһининэн сибээстээн, ураты бэрээдэгинэн, урутаан улаатыыны учуоттаан олохтонно. Инньэ гынан 2022 сыл тохсунньутун кытары тэҥнээтэххэ, 13,6 % үрдээтэ.
Санатан эттэххэ, тиийинэн олоруу алын кээмэйэ кыаммат араҥа, тиийиммэт-түгэммэт дьиэ кэргэн судаарыстыбаннай социальнай көмөҕө наадыйыытын сыаналааһыҥҥа, ону тэҥэ оҕо төрөөһүнүгэр уонна иитиитигэр ыйдааҕы босуобуйа кээмэйин итиэннэ көмө кээмэйин ааҕыыга аналлаах.
Доруобай буолуу төрдө. Тыыныынан эмтэнии биир саамай былыргы ньымата -- хатха-йога. Биһиги кэммитигэр биир сиргэ…
Күн-дьыл билгэтин төһө билэҕитий? Бу туһунан И.М.Сосин "Күн-дьыл билгэтэ" кинигэтигэр сиһилии суруллар. Тымныы кыһын буоларыгар:…
Дьааҥы улууһун Арыылаах орто оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин туйгуна Петр Слепцов…
Ахсынньыга Дьокуускайга оҕолорго уонна ыччаттарга I өрөспүүбүлүкэтээҕи төрүт култуураҕа чөмпүйэнээт буолан ааспыта. Төрүт сахалыы эйгэни…
Сахалар билгэлэрэ Сахалар итэҕэллэринэн киэһэ таһырдьа улаханнык саҥарыа, айдаарыа суохтааххын, сир иччитин кыыһырдыаххын сөп. Түүн…
2025 сыл талааннаах бастыҥ ыччатынан Эрхаан Слепцову ааттыыбыт. “Айхал” диэн Дьулусхан Андросов таһаарбыт сахалыы киинэҕэ…