Саха сиригэр «Точка будущего» улахан үөрэх комплексын тутуута салҕанар

Share

Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов «Новый дом» инбэлииттэргэ, тулаайахтарга уонна ыарахан туруктаах ыарыһах оҕолорго көмөлөһөр аһымал пуонда вице-бэрэсидьиэнэ Дмитрий Завгороднийы кытта көрүстэ.

Жатайга пуонда көмөтүнэн ураты«Точка будущего» уһулуччулаах үөрэх комплексын тутуута барар. 263 тыһ. кв. м. тахса иэннээх социальнай инфраструктуралаах эбийиэккэ оҕо уһуйаана, оскуола, успуорт уонна култуура комплекса, итиэннэ оҕолору иитэ ылбыт дьиэ кэргэттэргэ олорор дьиэ тутуллуоҕа.

Комплекс иһинэн оҕолор бэйэлэрин кыахтарын арыйарга үрдүк таһымнаах үөрэҕи ааһыахтара. Кинилэр манна айар дьоҕурдарын сайыннарыахтарын, успуорка, идэтийбит анал үөрэхтэри баһылыахтарын сөп. Оскуолаҕа доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго доруобуйаларын тупсарыыга уонна үөрэҕи биэриигэ ураты болҕомто ууруллуоҕа. Онон оҕолор төһө кыалларынан социализацияланарга, саҥаҕа үөрэнэргэ, бэйэлэрин хаачыстыбаларын үрдэтиигэ чэпчэки буолуоҕа.

«Дмитрий Завгороднийы кытта сибээс ситимигэр холбооһун, эбийиэккэ киирэр суоллары тутуу уонна да атын боппуруостары дьүүллэстибит. Комплекс  2026 сыл балаҕан ыйыгар үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Бу маннык таһымнаах тутуу дойду үрдүнэн иккис буолуоҕа, бастакы эбийиэк Иркутскай куоракка тутуллубутун бэлиэтиибин», — диэтэ Анатолий Семенов.

Жатайга «Точка будущего» аһыллыыта аныгы социальнай инфраструктураны сайыннарыыга көмөлөһүөҕэ, биһиги оҕолорбутугар уонна учууталларбытыгар ураты кыаҕы үөскэтиэҕэ.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

8 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

12 часов ago