Саха сиригэр тоҕус социальнай эбийиэги астылар
Саҥа сылы көрсө Саха сирин араас оройуоннарыгар биир кэмҥэ тоҕус социальнай эбийиэги астылар. Олор истэригэр айар дьиэлэр, оскуолалар, доруобуйа харыстабылын уонна успуорт эбийиэктэрэ бааллар.
- В. Е. Васильев аатынан Норуот айымньытын дьиэтэ Амма улууһун Соморсунугар;
- И. Н. Касьяненко аатынан оҕо ускуустубатын дьиэтэ Алдан оройуонун Томмотугар;
- Айар дьиэ Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэр;
- Бырааттыы Боескоровтар ааттарынан Сургуулук орто оскуолата, Үөһээ Бүлүү улууһугар;
- Н.И.Кочнев аатынан орто оскуола Ньурба улууһун Ынахсыт нэһилиэгэр;
- Сунтаар улууһун киин балыыһата Сунтаар улууһун Элгээйитигэр;
- Култуура-успуорт комплекса Сунтаар улууһун Сунтаар нэһилиэгэр
- Дьиэ кэргэн МФЦ-та Уус Алдан улууһун Бороҕонугар;
- «Кэнчээри» уһуйаан Хаҥалас улууһун Төхтүрүгэр.
«Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар үөрүүлээх күннэр биһиги иннибит хоту эрэллээхтик, ыарахаттартан чаҕыйбакка дойдуну кытта тэҥҥэ баран иһэрбитин көрдөрөр. Инникигэ эрэллээхтик биһиги олохпутун тупсарабыт»,- диэн Саха сирин аҕа баһылыга Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар суруйар.
«Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар анаан оҥоһуллар туох барыта хаачыстыбалаах уонна усулуобуйаны тупсарар соруктаах. Саамай сүрүнэ — бу эбийиэктэр саҥа кыахтары үөскэтиэхтээхтэр. Аныгылыы тэрилинэн хааччыйыы куорат эрэ сиригэр буолбакка, улуустарга эмиэ баар буолуохтаах. Бу бырайыак оҥорооччуларга, тутааччыларга, тустаах министиэристибэлэргэ, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар эппиэтинэһи сүктэрэр», — диэтэ Айсен Николаев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: