Саха сиригэр тоҕус социальнай эбийиэги астылар

Share

Саҥа сылы көрсө Саха сирин араас оройуоннарыгар биир кэмҥэ тоҕус социальнай эбийиэги астылар. Олор истэригэр айар дьиэлэр, оскуолалар, доруобуйа харыстабылын  уонна успуорт  эбийиэктэрэ бааллар.

  • В. Е. Васильев аатынан Норуот айымньытын дьиэтэ Амма улууһун Соморсунугар;
  • И. Н. Касьяненко аатынан оҕо ускуустубатын дьиэтэ Алдан оройуонун Томмотугар;
  • Айар дьиэ Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэр;
  • Бырааттыы Боескоровтар ааттарынан Сургуулук орто оскуолата, Үөһээ Бүлүү улууһугар;
  • Н.И.Кочнев аатынан орто оскуола Ньурба улууһун Ынахсыт нэһилиэгэр;
  • Сунтаар улууһун киин балыыһата Сунтаар улууһун Элгээйитигэр;
  • Култуура-успуорт комплекса Сунтаар улууһун Сунтаар нэһилиэгэр
  • Дьиэ кэргэн  МФЦ-та Уус Алдан улууһун Бороҕонугар;
  • «Кэнчээри» уһуйаан Хаҥалас улууһун Төхтүрүгэр.

«Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар үөрүүлээх күннэр биһиги иннибит хоту эрэллээхтик, ыарахаттартан чаҕыйбакка дойдуну кытта тэҥҥэ баран иһэрбитин көрдөрөр. Инникигэ эрэллээхтик биһиги олохпутун тупсарабыт»,-  диэн Саха сирин аҕа баһылыга Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар суруйар.

Бу эбийиэктэр «Үөрэхтээһин», «Доруобуйа харыстабыла» уонна «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыактар чэрчилэринэн  уонна «Комплексное развитие сельских территорий» судаарыстыбаннай бырагыраама, эрэгийиэннээҕи инвестиционнай бырагыраама чэрчитинэн тутулуннулар.

«Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар анаан оҥоһуллар туох барыта хаачыстыбалаах уонна усулуобуйаны тупсарар соруктаах. Саамай сүрүнэ — бу эбийиэктэр саҥа кыахтары үөскэтиэхтээхтэр.  Аныгылыы тэрилинэн хааччыйыы куорат эрэ сиригэр буолбакка, улуустарга эмиэ баар буолуохтаах. Бу бырайыак оҥорооччуларга, тутааччыларга, тустаах министиэристибэлэргэ, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар эппиэтинэһи сүктэрэр», — диэтэ Айсен Николаев.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

6 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

6 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

7 часов ago