Салгыы
Саха сиригэр ТОР резиденнэрэ 115 млрд солк. инвестициялаатылар

Саха сиригэр ТОР резиденнэрэ 115 млрд солк. инвестициялаатылар

Ааптар:
10.06.2024, 21:15
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:
«Якутия» уонна  «Южная Якутия»  ТОР резиденнэрэ 115 млрд солк. суума инвестиция киллэрдилэр уонна 10 тыһ. тахса үлэ миэстэтин таһаардылар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ «Якутия» уонна  «Южная Якутия»  ТОР резиденнэрин уопсай ахсаана 67-ҕэ тиийдэ. Бу сылга «Якутия» ТОР иһинэн Дьокуускайга бетону оҥорон таһаарыыны сайыннарыыга туһуламмыт «Мечта миров» ХЭУо саҥа резиденэ киирбитэ. Тэрилтэ 122,5 мөл. солк. инвестицияны тардыыны уонна киин куоракка өрүс пуордун территориятыгар 30 саҥа үлэ миэстэтин тэрийэр былааннаах. Оҥорон таһаарыы кээмэйинэн сылга 45 тыһ.куб. кэриҥэ бетону, араас кээмэйдээх 1,5 тыһ.тахса сыбаайаны оҥорор буолуоҕа.

Санатан эттэххэ, ТОР-дар инвестиционнай бырайыактары өйүүр сыаллаах үлэлииллэр. «Инвестиция саҥа бырайыактарын олоххо киллэрии, инвестиционнай бырайыактары тардыы, өйөөһүн  — бу барыта Уһук Илин уокурук сүрүн үлэтин хайысхатынан буолар»,  — диэн  РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ — РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Юрий Трутнев эппитэ.

Кини эрэгийиэн иһинэн Уһук Илиҥҥи бары өйөбүл дьаһаллара үлэлиилэрин, инвестиционнай бырайыактар олоххо киирэллэрин, тэрилтэлэр аһыллалларын, үлэ миэстэлэрэ тэриллэллэрин  бэлиэтээбитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: