Ил Дархан Айсен Николаев РФ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин ыстааты таһынан кылаабынай трансплантолога Сергей Готьены кытта көрүстэ.
Кинилэр өрөспүүбүлүкэҕэ трансплантологияны сайыннарыы боппуруоһун дьүүллэстилэр. Айсен Николаев Сергей Готье дойдуга трансплантологияны сайыннарыыга кылаатын бэлиэтээтэ.
Салгыы кини эрэгийиэҥҥэ трансплантологияны саҥа таһымҥа таһаарар кыах баарын эттэ. Маны таһынан, элбэх пациент өрөспүүбүлүкэ таһыгар барбакка, эмтэниини миэстэтигэр барыахтарын баҕаралларын иһитиннэрдэ.
—Ааспыт сыллардааҕы үлэни-хамнаһы оннунан хаалларар эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ трансплантология бары өттүнэн сайдыытын хааччыйыы улахан суолталаах, — диэтэ Ил Дархан.
Сергей Готье салайар РФ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин В.И.Шумаков аатынан трансплантология уонна ускуустубаннай органнар Национальнай мэдиссиинискэй чинчийэр кииннэрэ мэтэдиичэскэй өйөбүлү оҥорорун таһынан, дойду бары эрэгийиэннэрин исписэлиистэрин үөрэтэр. 2009 сылтан саҕалаан академик уонна НМИЦ үлэһиттэрэ эрэгийиэҥҥэ үлэлэринэн сылдьаллар уонна кэллиэгэлэрин кытары трансплантационнай көмөнү оҥоруу кэскиллэрин туһунан дьүүллэһэллэр.
—-Трансплантологияны салгыы сайыннарарга СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кытта хас да боппуруоһу көрүөххэ наада. Быраастар квалификацияларын үрдэтииттэн саҕалаан, технологияны сайыннарыыга тиийэ. Оннуга суох трансплантацияны толору сайыннарыы кыаллыбат. Биһиги исписэлиистэри уочараттаах стажировкаҕа ыларга бэлэммит. Тоҕо диэтэххэ, трансплантология биир сиргэ турбат, итинэн дьарыктанар дьоннор кэнники ситиһиилэри, саҥаны, сонуну билэ-көрө олоруохтаахтар, — диир Сергей Готье.
Саха сиригэр 2001 сылтан аан бастаан бүөрү трансплантациялааһын саҕаламмытыгар, Саха сирин быраастарын күүһүнэн 140 уларытан, көһөрөн олордуу эпэрээссийэтэ оҥоһуллубута. Ол кэнниттэн тохтуу түһэн баран, быары трансплантациялааһын оҥоһуллубута, барыта 16 эпэрээссийэ оҥоһуллубут. 2018 сыллаахха эрэгийиэҥҥэ сүрэххэ итинник ыытыллыбыта.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА
Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…
Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.
Бүгүн ааҕааччыларбытыгар П.С.Скрябин аатынан 1 Дьөппөн орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ, “Инникигэ хардыы” научнай- практическай…
Мичиган университетын учуонайдара наар газтаах утаҕынан уонна хот-догтарынан аһылыктанар киһи олоҕо төһө бириэмэнэн кыччыырын (кылгыырын)…
ПАВЕЛ ЦЫПАНДИН 65 СААҺЫГАР — САДУОУК ТУРНИРА! Саҥа дьыллааҕы күннэри түмүктүү Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа…
Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһанан саҥа төрөөбүт оҕону бэлиэтэттэрии ахсаанынан Уһук Илин уокурукка инники…