Саха сиригэр турист кэлиитэ от ыйыгар элбиир эбит

Share

Быйыл үһүс сылын ыытыллар Сыыппара пуорумун биир сүрүн сиэссийэтигэр өрөспүүблүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар туризм оруолун туһунан улахан кэпсэтиигэ дойду эрэгийиэннэриттэн кэлбит эксперт-спикердэр анал ырытыыны оҥорбуттара.

Сбербаан ПАО сайдыы хайысхатын салайааччыта Елена Волчкова Саха сиригэр б.дь. от ыйыгар туристар кэлиилэрин чахчытын сыыппарана холобуру аҕалбыта пуорум кыттааччыларын болҕомтотун тарпыта.

Ол эбэтэр турист бу ыйга Саха сиригэр кэлиитэ 16% үрдээбит — 30 785 киһи. Онтон дьахтара — 36%, эр киһи — 64%. Кэлбит турист орто сааһа — 40. Ортотунан 8 күҥҥэ суоттанан сылдьар эбит. Эксперт сыллары тэҥнээн көрүүтэ: 2020 сылга — 0,31%, 2024 сылга — 0,53 %.

Саха сиригэр Москваттан, Иркутскай уобаластан, Амурскай,  Красноярскай уонна Приморскай кыраайдартан ордук элбэх турист кэлэр эбит.

Туризмы сыыппара халыыбыгар киллэрии туһунан кэпсэтиигэ Саха сиригэр туризмы сайыннарыыга үлэлэһэр бэрт элбэх туроператор кыттыыны ылла.

Кинилэр анал сиэссийэ кэнниттэн дойду эрэнийиэннриттэн кэлбит ырытааччылары сирэй көрсөн сүбэ-ама ыллылар, санааларын атастастылар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьокуускайга бастакы тифло-бэстибээл ыытылынна

Дойду үрдүнэн харахтарынан көрбөт дьоҥҥо туһуламмыт «Үрүҥ торуоска» аахсыйа сылын ахсын алтынньы ый 15 күнүттэн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл үгэскэ кубулуйда

Быйыл үгэс быһыытынан "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ  бэрт  кэрэхсэбиллээх түгэннэри бэлэхтиэҕэ. Ол…

2 часа ago
  • Сонуннар

Урбаанньыт дьахталлар сонун сүүрээннэри торумнаатылар

Бу күннэргэ Дьокуускайга урбаанньыт дьахталлар “Биисинэс эйгэтэ дьахтар көрүүтүнэн” бырайыак олоххо киириитин 10 сыллаах үбүлүөйүн…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үөһээ бүлүүлэр байыастарга баһыылка ыыттылар

Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо байыастарга анаан баһыылкалары бэлэмнээн, икки массыынанан Дьокуускайга ыыттылар. Бу туһунан улуус…

3 часа ago
  • Сонуннар

Таатта улууһун баһылыктарын сэбиэтэ сүбэ мунньаҕы ыытта

Бу күннэргэ баһылыктар сэбиэттэрин уочараттаах мунньаҕар Таатта улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын уонна тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлээһин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүөхүмэҕэ ойуур кыылларын аһаталлар

Кыһыҥҥы кэмҥэ кыыл-сүөл ордук эбии аһылыкка наадыйар. Эбии аһылыгы, тууһу уонна сэбирдэхтээх талахтары дьиикэй кыыллар…

3 часа ago