Салгыы
Саха сиригэр туристическай нолуок киирдэ

Саха сиригэр туристическай нолуок киирдэ

Ааптар:
30.01.2025, 11:30
Мария Васильева хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

Үүмүт сылтан Саха сиригэр туристическай нолуок киирбитин туһунан СӨ Урбааҥҥа, атыыга-эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирэ Тимур Ханды иһитиннэрдэ. 

Нолуок бу сыл тохсунньу 1 күнүттэн Саха сирин кэккэ нэһилиэнньэлээх пууннарыгар киирдэ. Нолуок кээмэйинэн турист гостиницаҕа олорор сыанатын төлөбүрүттэн 1 %-на тутуллар, ол эрээри сууккаҕа 100 солк. итэҕэһэ суох буолар. 2026 сылтан нолуок ыстаапката 2%-ҥа диэри үрдүөҕэ, оттон 2029 сылга — 5%.

«Туристическай нолуок Дьокуускай уонна Өлүөхүмэ куораттарыгар, ону тэҥэ Хаҥалас, Нерюнгри, Аллайыаха уонна Усуйаана улуустарынан хас да нэһилиэнньэлээх пууннарыгар үлэлиир. Нолуогу киллэрэр туһунан быһаарыылары олохтоох дьокутааттар номнуо ылыммыттара», — диэтэ Тимур Ханды. Миниистир этэринэн, хомуллубут үп-харчы муниципальнай тэриллиилэри тупсарыыга, туризм инфраструктуратын сайыннарыыга, култуурунай тэрээһиннэри ыытыыга уонна айылҕа эбийиэктэрин харыстааһыҥҥа ыытыллыаҕа. Холобур, Дьокуускай куорат бүддьүөтүгэр нолуоктан 4 мөл. солк. үп-харчы хомуллан киирдэҕинэ, куорат  эйгэтин уонна туристическай эбийиэктэри тупсарыыга ороскуоттанара былааннанар. Итини таһынан олохтоох дьаһалталар гражданнар сорох категорияларыгар нолуокка чэпчэтиилэри олохтуохтарын сөп: инбэлииттэргэ, элбэх оҕолоох ыалларга, байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр, о.д.а.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
31 января
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: