Үөһээ Бүлүүгэ атырдьах ыйын 5 күнүгэр муниципальнай оройуоннарынан уонна куорат уокуруктарынан тыа хаһаайыстыбатын өйөбүлүгэр туспа судаарыстыбаннай боломуочуйалары биэрии боппуруостарын дьүүллэстилэр.
«Тыа сирин өйөөһүҥҥэ саҥа мэхэньииһимнэр оҥорон таһаарыы кээмэйин улаатыннарыыга уонна саҥа тэрилтэлэри үлэҕэ киллэриигэ. кыахтарын күүһүрдүүгэ туһуланыахтаах», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев сорук туруорда. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар.
«Бу салааны өйөөһүн тиһигин тула дьүүллэһиилэр уопсай сыалы ситиһэргэ, үрдүкү салалта уонна олохтоох уорганнар икки ардыларыгар бииргэ үлэлээһини сүрүннүүргэ тирэх буолуохтаахтар. Сүрүн сыала — үтүө түмүктээх үлэ. Бу тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин туһаныытын үрдэтии, сүөһү ахсаанын элбэтии уонна саҥа оҥорон таһаарар тэрилтэлэри үлэҕэ киллэрии», — диэтэ Айсен Николаев.
Баһылык дойду үрдүнэн агробырамыысыланнай комплекс дойду ис наадыйыытын эрэ буолбакка, бородууксуйаны экспорга таһаарыытын хааччыйарыгар болҕомтотун уурда.
«Бородууксуйаны оҥорон таһаарыы кээмэйин улаатыннарыахтаахпыт! Маннык улахан суолталаах соругу ситиһиигэ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ уонна муниципальнай оройуоннар холбоһуктаах үлэлээһиннэрин эрэйэр. Ону тэҥэ үп-харчы уонна экэниэмикэ министиэристибэлэрэ бу хайысханан үлэни күүһүрдүөхтээхтэр», — диэн кини бэлиэтээтэ.
Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров этэринэн, муниципалитеттарга бэриллибит судаарыстыбаннай боломуочуйалары толорууга биир субвенцияны биэрии мэхэньииһимэ олоххо киириэҕэ. Субвенциялар харчыта биир сууманан тиэрдиллиэхтэрэ, ол чэрчитинэн кинилэр үбүлээһини араас хайысхаларынан бэйэлэрэ тыырыахтара.
Ил Дархан улуус дьаһалталарын, хаһаайыстыбалар салайааччыларын этиилэрин учуоттаан туран, тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүн мэхэньииһимигэр саҥа уларытыылары киллэрии бырайыагын кылгас болдьох иһигэр оҥорорго сорудахтаата.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…