Саха сиригэр тыа сирин бастыҥ оҕо уһуйаанын быһаарыахтара

Share

Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ Саха сиригэр Оҕо саас сылын чэрчитинэн айымньылаахтык үлэлиир оҕо уһуйааннарын кэлэктииптэрин ортолоругар «Тыа сирин бастыҥ уһуйаана-2024» кэтэхтэн ыытыллар күрэҕи биллэрдэ.

Күрэххэ саамай элбэх баалы ылбыт оҕо уһуйаана тэрийэр кэмитиэт аатыгар сайаапка биэрэн, күрэх кыайыылааҕынан буолар кыахтаах. Кыайыылаахтар кырааматаларынан  уонна сыаналаах бэлэхтэринэн наҕараадалыахтара уонна эбии номинацияларынан бэлиэтиэхтэрэ. Бу туһунан Үөрэх уонна билим министиэристибэтин иитиигэ уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ салаатын Александра Дьяконова иһитиннэрэр:

— Атырдьах ыйын 15 күнүгэр диэри кыттыан баҕалаах уһуйааннартан сайаапка, докумуон хомуллар, ол кэннэ бу ый бүтүөр диэри уһуйааннар саайтарын толорон биэриэхтэрэ, туһааннаах докумуоннарын угуохтара. Бастыҥ уһуйааны үс хайысханан быһаарыахтара: федеральнай үөрэх бырагырааматын олоххо киллэрии, бастыҥ коррекционнай үлэни ыытыы, саха тылын сайыннарыы.

Куонкурус сыл ахсын ыытыллар, уратыта диэн балаһыанньа быһыытынан урут кыайбыт уһуйааннар кыттыбаттар, ол курдук саҥаттан саҥа уһуйаан бэйэтин көрдөрөрүгэр ураты кыах бэриллэр. Балаҕан ыйын 1-15 күннэригэр анал хамыыһыйа үлэлиэҕэ, оттон кыайыылаахтары балаҕан ыйын 27 күнүгэр, Иитээччи күнүгэр, биллэриэхпит.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Чолбон» спутник: Бастакы сигнал баар!

Саха сиригэр устудьуоннар оҥорбут спутниктара -- "Чолбон" аппараат космоска тахсан, бастакы сигналын биэрдэ, баарын биллэрдэ.…

43 минуты ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Эр киһи бэстилиэккэ майгынныыр тэрилинэн дьахтары куттаабытынан бэрэбиэркэ ыытыллар

Бэҕэһээ социальнай ситимнэринэн Дьокуускай куорат ЯКСМК оройуонугар "пробкаҕа" тохтоон турар массыынаттан эр киһи тахсан, илиитигэр…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Светлячок» оҕолоро Виктор Лебедевтэн бэлэх туттулар

Ахсынньы 29 күнүгэр Хаандыга бөһүөлэгэр Томпотооҕу  "Светлячок" социальнай реабилитационнай киин оҕолоругар Ил Түмэн дьокутаата Виктор…

3 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Бүлүү» суолга үс киһи эчэйиилээх массыына саахала буолла

Бүгүн сарсыарда "Бүлүү" федеральнай суол 764-с килэмиэтиригэр дьон эчэйиилээх массыына саахала буолла диэн СӨ Быыһыыр…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Чурапчы Арчылаана Ил Дархантан электрогитара бэлэх тутта

Соторутааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев Кириэмил дыбарыаһыгар  “Баҕа санаа харыйата” тэрээһиҥҥэ  кыттыыны ылбыта. Бу туһунан…

4 часа ago