Саха сиригэр тыллары чөл хаалларар уонна сайыннарар 50 бырайыак олоххо киирэр

Share

Ил Дархан Айсен Николаев быһаарыытынан, өрөспүүбүлүкэҕэ судаарыстыбаннай уонна официальнай тыллары чөл хаалларыы, сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагырааматын 2023 сылга үбүлээһинэ 100 мөл. солк. диэри улааппыта.  

Судаарыстыбаннай бырагыраама туолуутун Ил Дархан салайыытынан үлэлиир тыллары сайыннарар сэбиэт мунньаҕар көрдүлэр.

Атыттары сэргэ, саха тылыгар сертификация киинин тэрийии, “Төрүт тыллар” төрөөбүт тыллары үөрэтэр платформата, «ilken.news» омук тылларыгар тылбаастаах аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар тылларынан норуоттар икки ардыларынааҕы сонун портала, тыллары үөрэтэр сыһыарыылар курдук бырайыактар бааллар.

Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын интерактивнай түмэлигэр судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларынан таһаарыылары (контент) үөрэтэр электроннай бибилэтиэкэ тэриллэр.

“Саха” НКИХ оҕолорго аналлаах биэриилэри, өрөспүүбүлүкэ норуоттарын култуураларыгар уонна үгэстэригэр төрөөбүт тылынан сыыппара анимационнай киинэлэрин оҥорууга үлэтэ салҕанар.

Ону тэҥэ, диалектология, социолингвистика уонна топонимика эспэдииссийэлэрэ, хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларын кэтээн көрүү, нуучча тылыгар нучнай-чинчийэр үлэлэр ыытыллаллар.

Аудио сыһыарыылаах «Сказки Русского Устья-2» ойуулаах хомуурунньук, салааларынан тиэрмин тылдьыттара, «Русско-якутский юридический словарь: термины уголовного права и процесса» тылдьыт,  «Словарь топонимов республики: населенные пункты, районы, улусы, наслеги» (нууччалыы), уо.д.а. тылдьыттар, ыйынньыктар, үөрэтэр-мэтэдиичэскэй босуобуйалар, социальнай суолталаах литэрэтиирэ тахсаллар.

Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын тарҕатыыга туһаайыллыбыт бырайыактары өйүүргэ Ил Дархан граннара туттарыллыахтара.

Мунньахха Хаҥалас улууһа “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар туһунан” Сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн, тэрилтэлэр ааттарын ыйар суруктаах дуоскалары (вывески), иһитиннэрэр суруктары, географическай эбийиэктэр ааттарын суруйуу, ону тэҥэ, улуус эбийиэктэрин географическай ааттарын каталогын бэлэмнээһиннэрин туһунан уопутуттан үллэһиннилэр.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников ырытыһыы кэнниттэн, быйылгы сылга судаарыстыбаннай бырагыраама көрдөрүктэрин (индикатор) ситиһэргэ сөбүлэҥ түһэрсии үлэтин ыйыллыбыт болдьоххо түмүктүүллэригэр эттэ.

Былырыын судаарыстыбаннай бырагырааманы үбүлээһин 56,6 мөл. солк. тэҥнэспитэ, 38 бырайыак олоххо киирбитэ.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Трамп Гренландияны тоҕо былдьаста?

Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.

12 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Сылгыны өҥүнэн, сааһынан наардааһын

Бүгүн ааҕааччыларбытыгар П.С.Скрябин аатынан 1 Дьөппөн орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ,  “Инникигэ хардыы” научнай- практическай…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Хот-дог сиэбит дьон олохторо 36 мүнүүтэнэн кылгыыр үһү

Мичиган университетын учуонайдара наар газтаах утаҕынан уонна хот-догтарынан аһылыктанар киһи олоҕо төһө бириэмэнэн кыччыырын (кылгыырын)…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Үтүө тэрээһин

ПАВЕЛ ЦЫПАНДИН 65 СААҺЫГАР — САДУОУК ТУРНИРА! Саҥа дьыллааҕы күннэри түмүктүү Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһаныынан Уһук Илин уокурукка инники сылдьар

Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһанан саҥа төрөөбүт оҕону бэлиэтэттэрии  ахсаанынан Уһук Илин уокурукка инники…

3 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

60 саастаах дьахтар кумааһынньыктаах харчыны уорбут

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо кумааһынньыктаах харчытын уордарбытын туһунан биллэрбит.…

3 часа ago