Саха сиригэр тылы сайыннарыыга судаарыстыбаннай бырагыраама үлэлиир

Share

СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларга анаммыт судаарыстыбаннай бырагыраама олоххо киириитигэр  туһуламмыт мунньаҕы ыытта.

СӨ Аҕа баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, бу  докумуоҥҥа олоҕуран Ил Дархан быһаарыытынан 2023 сылга үбүлээһин кээмэйэ 100 мөлүйүөн солкуобайга диэри үрдэтиллибитэ.

Төрөөбүт тылы харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга ылыллыбыт бырагыраама үһүс сылын үлэлиир. Урукку сылларга биир бырайыагы олоххо киллэриигэ – учебниктары бэлэмнээн таһаарыыга 50 мөлүйүөн солкуобайы барыыр эбит буоллахпытына, билигин биир кэмҥэ 50 араас бырайыагы олоххо киллэрэбит. Кэлэр сылга саҥа соруктары туруоран, бу үлэҕэ   101 мөлүйүөн солкуобай үбүлээһин көрүлүннэ, —  диэн бэлиэтээтэ Сергей Местников.

“Саха” НКИХ ханаалыгар сыл бүтэһигэр ахсынньыга 20 сиэрийэлээх «Айтал уонна Аптаах күүс» диэн оҕо ойуулугун көрдөрүөхтэрэ. Кырачааннарга анаан «Тооку» ойуулук эбии 10 сиэрийэтэ  оҥоһулла сылдьар. Маны таһынан, «Төрүт тыллар» диэн тылы үөрэтии уонна «ilken.news» норуоттар икки ардыларынааҕы аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларынан омук тылыгар тылбаастаммыт сонун ханааллара аһыллан үлэлиэхтэрэ.

Санаттахха, Саха сиринээҕи наука академиятыгар өрөспүүбүлүкэҕэ төрүт тылы үөрэтиигэ туһаайыллыбыт киин тэриллэн үлэлиир.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

2026 сылга мунньуллар биэнсийэттэн хас сууманы ылыахха сөбүн туһунан иһитиннэрдилэр

Арассыыйа олохтоохторо 2026 сылга  мунньуллар биэнсийэлэриттэн  440 тыһыынча солкуобайы биир кэмнээхтик ылыахтарын сөп диэн РИА…

5 часов ago
  • Сонуннар

Ефрем Семенов: «Каадыр бэлиитикэтигэр улахан болҕомто ууруллуоҕа»

Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһин пленарнай мунньаҕын улуустартан уонна нэһилиэктэртэн кэлбит…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Диана Соломонова: «Сийиэскэ этиилэрбин болҕомтоҕо ылбыттарыттан үөрдүм»

Киин куоракка икки күн устата өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ  үгүс дьокутааты…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоҕус урбааны өйүүр  боппуруос туора туран хаалыа суохтаах

Ил Дархан туһаайан этиитигэр дьоҕус урбааны өйүүр боппуруоска болҕомтотун ууруо диэн, норуот дьокутаата, Ил Түмэн…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Уопсастыба

“Надеждалар” быйыл сүүрбэччэ араас көрүҥнээх 861 таҥаһы тиктилэр

“Илии сылааһа” сыах (сал. Саввина И.Е.) филиала Куокуйдааҕы “Надежда” холбоһук (сал. Еремеева Т.У.) бу сылга…

6 часов ago
  • Бэрээдэк

Аймаҕар көмөлөһөөрү кирэдьиит ылан, улахан иэскэ киирбит

Дьокуускайдааҕы полиция 1-кы №-дээх отделын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох дьахтар кини аатыгар сокуоннайа суохтук 145 тыһ.солк.…

7 часов ago