Саха сиригэр түспүт астероид федеральнай ханаалларынан сенсациянан ааттанна
Ахсынньы 4 күнүгэр үгүс Арассыыйа олохтоохторун аймаан Саха сиригэр түспүт астероид федеральнай ханаалларынан сенсациянан ааттанна.
Ол курдук, сөкүүндэҕэ 16 км түргэннээх атмосфераҕа киирбит миэтэрэ кэриҥэ кэтиттээх болид – таас астероид аан бастакытын учуонайдарынан чопчу түһэр бириэмэтэ уонна хайысхата эрдэ быһаарыллыбыта буолар. Быһа холоон эттэххэ, астероид Ленскэйтэн илин диэки 196 км, Өлүөхүмэттэн 120 км хотугулуу-арҕаа өттүгэр уонна Дьокуускайтан 600 км ыраах түспүтэ.
Халлааҥҥа аҕыйах сөкүүндэ устата чыпчылыйан ылбыт болид Саха сирин олохтоохторугар умнуллубат түгэни хаалларда. Видеоҕа уһулан тарҕаппыт түгэннэринэн учуонайдар метеорит көрүҥүн кытта быһаардылар. Видеоҕа болҕойон көрдөххө, астероид Сиртэн үөһэ умуллуон иннинэ үс төгүл күлүмнээн ылар. Бу астероид хас да чааска арахсар түгэнэ көстөр, оччотугар быһа холоон таас метеорит буолара быһаарылынна.
«Маннык метеориттар тас бүрүөһүннэрэ ууллар хахтаахтар. Онон иһигэр араас эттиктэр хараллан хаалыахтарын сөп. Итини учуонайдар үөрэтэллэригэр улахан интэриэһи үөскэтэр», — диэн Уһук Илиҥҥи федеральнай үнүбэрситиэт георесурсаларын баһылыырга уонна кэтээн көрүүгэ департаменын бэрэпиэссэрэ Николай Шестаков быһаарда.
Саха сиригэр түспүт метеорит наука эйгэтигэр сенсациянан ааттанна диэн федеральнай ханааллар суруйаллар. Сүрүн уратыта диэн документальнайдык видеоҕа уһуллубута элбэҕинэн аатырбыт 2013 сыллаахха Челябинскайдааҕы түспүт астероиды урутаата.
«Астероид бүүс-бүтүннүү атмосфераҕа умайбыт эбэтэр тыһыынчанан кыра чаастарга арахсыбыт буолуохтаах. Мин санаабар, астероид түспүт сиригэр эспэдииссийэ тэрийэр туһунан боппуруос чахчы эбии иһитиннэрии юиллибитин кэннэ быһаарыллыаҕа», — диир астроном Владимир Наумов.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: