Салгыы
Саха сиригэр түспүт астероид дьон олоҕор кутталы суоһуур дуо?

Саха сиригэр түспүт астероид дьон олоҕор кутталы суоһуур дуо?

Ааптар:
06.12.2024, 10:00
Хаартыска: социальнай ситимнэртэн.
Бөлөххө киир:

Ахсынньы 4 күнэ үүнэр түүнүгэр Өлүөхүмэ, Ленскэй уонна Сунтаар улуустарын олохтоохторо астероид түспүтүн көрбүттэрэ. Бу көстүү быстах кэмҥэ C0WEPC5 диэн ааттаммыт.

СИА-ҕа СӨ ААН космофизическэй чинчийиилэр уонна аэрономия институтун дириэктэрин солбуйааччы Семен Николашкин түспүт астероид кыра кээмэйдээх, онон дьон олоҕор кутталы суоһаабат, итиэннэ бу маннык көстүү син сотору-сотору буоларын туһунан диэн иһитиннэрбит.

«Астероид кыра кээмэйдээх, туоратынан биир миэтэрэлээх эрэ. Биһиэхэ биллэринэн, кини атмосфера үрдүкү бүрүөһүнүгэр, быһа холон Сиртэн 100 км тэйиччи сиргэ эстибит. Онон дьон олоҕор, айылҕаҕа кутталы суоһаабат. Астероид тобохторо көстөллөрүн саарбахтыыбын. Алҕас булар түгэҥҥэ, хайаатар даҕаны Москваҕа метеорит хамыыһыйатыгар ыытыахха наада», — диэн космофизик-учуонай этэр.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
3
+1
4
+1
1
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
26 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: