Саха сиригэр Удмуртия ыҥырыаларын аҕаллылар

Саха сиригэр Удмуртия ыҥырыаларын аҕаллылар

Ааптар:
20.07.2023, 18:35
Хаартыска: Якутия24
Бөлөххө киир:

Саха сиринээҕи мүөтү оҥорор киин Удмуртияҕа мүөттээх ыҥырыалары көрөөччү бырааттыы Сапаевтары кытары бырайыактарын чэрчитинэн, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Сыымах сэлиэнньэтигэр ыҥырыалары аҕаллылар. 

Николай Сапаев бэлиэтээн эппитинэн, билигин кинилэр ыҥырыалар ыраах айаны хайдах тулуйан кэлбиттэрин үөрэтэн, хонтуруоллаан  көрөллөр.  Ол курдук 7 тыһ. км кэриҥэ ыраах   сиртэн  аҕаллылар.

— Ыҥырыалар этэҥҥэ айаннаан кэллилэр. Арыый хойутаан кэлбит буоланнар, мүөтү хомуйууга бастаан улахан ыҥырыалары ыытыахпыт, — диэн эбэн эттэ.

Санатан эттэххэ, мүөтү оҥорууга эрэгийиэннээҕи киин тирэх пууннарынан  Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕа, Өлөчөйө, Бүтэйдээҕэ    итиэннэ Амма  Сатаҕайа буолбуттара. Бу нэһилиэктэр  мүөттээх  ыҥырыаны иитиигэ стратегическай кииннэринэн талыллыбыттара.

Бырайыагы көҕүлээччи Людмилы Николаева:  «Мүөттээх ыҥырыаны иитиини сайыннарыыга олохтоохтор кыттан, туһааннаах салааны сайыннарыыга уопутуруохтара» , — диэтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: