Саха сиригэр Уһук Илиҥҥи ресурснай киини тэрийиэхтэрэ
Бу күннэргэ Дьокуускайга федеральнай үөрэх бырагырааматын олоххо киллэриинэн, РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтин уонна Москваттан билим институттара кыттыылаах “ФОП ДО: стратегия, опыт и перспективы” диэн оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин Уһук Илин федеральнай уокуругун сэминээр-мунньаҕа буола турар. Тэрээһин иитинэн Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет баазатыгар Уһук Илиҥҥи ресурснай киини тэрийэр буолбуттар.
РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтин судаарыстыбаннай бэлиитикэҕэ уонна уопсай үөрэхтээһиҥҥэ управлениетын департаменын дириэктэрин солбуйааччы Наталья Костюк: “Арассыыйа бары эрэгийиэннэрэ ааспыт сыл балаҕан ыйыттан федеральнай үөрэх бырагырааматыгар көспүттэрэ. Биир единэй, сувереннай судаарыстыбаны, үөрэх биир ис хоһоонноох буолуутун киллэрэргэ эрэгийиэннэр, ол иһигэр Саха сирэ дьоһуннаах хардыылары оҥорор. Оскуола иннинээҕи үөрэх тэрилтэтигэр биридимиэтинэн сайыннарар эйгэ улахан суолталаах. Манна педагогтар бэйэлэрин илиилэринэн эрэ буолбакка, төрөппүттэр холбоһуктарын сыһыараллара кэрэхсэбиллээх. Оҕо-төрөппүт-педагог бииргэ үлэлэһэн, хас биирдии оҕо оскуолаҕа салгыы сайдарыгар үктэл ууруллар.
Педагогтар оҥоһуктарын биһирии көрдүм. Ол үлэлэр киһини сэргэхситэр эрэ буолбатахтар, кэрэ көстүүлээхтэр, толкуйдаммыттар, методика өттүнэн уопут быһыытынан тарҕанар кыахтаахтар. Бүгүҥҥү быыстапкаҕа национальнай колорит баар. Мин санаабар, дойду атын субъектара сэҥээрэ көрүөхтэрэ, үөрэтиэхтэрэ дии саныыбын, — диэн бэлиэтиир.
Тэрээһини РФ Үөрэҕириитин министиэристибэтэ, СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ, ХИФУ сайыннарыыга, доруобуйаҕа уонна оҕону тулалыыр усулуобуйаҕа үөрэтиигэ института, Дьокуускай куораттааҕы үөрэх управлениета, Үүнэр көлүөнэ пуондата, Оҕо саас лабаратыарыйата тэрийэн ыыттылар.
Оҕо саас лабаратыарыйатын дириэктэрэ, Николаев-киин салайааччыта Юрий Семенов: “Дойду үрдүнэн, Уһук Илиҥҥэ биир кэлим үөрэх эйгэтин тэрийии чааһынан федеральнай судаарыстыбаннай бырагырааманы олоххо киллэрии боппуруоһун туһунан ырытыстыбыт. Төрөппүттэр эппиэтинэстээх буолууларыгар, оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин үлэһиттэрин идэлэрин таһымын үрдэтиигэ уонна бэрэсидьиэн, чуолаан духуобунай-нравственнай иитиини олохсутууга туруорбут инники күөҥҥэ тутуллар боппуруоска улахан болҕомто уурулунна.
Биллэн турар, биһиги тэрээһин, “төгүрүк остуол” иитинэн, Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа эмиэ кыһалҕалаах, кэскиллээх, инновационнай боппуруостары көтөхтүбүт. Биһигини иһиттилэр, федеральнай университет баазатыгар Уһук Илин киинэ аһыллар буолла. Олохтоох университет АЛРОСА, Үүнэр көлүөнэ пуондата уонна Москва билимҥэ институттарын өйөбүллэринэн оскуола иннинээҕи үөрэхтээһиҥҥэ федеральнай судаарыстыбаннай бырагырааманы олоххо киллэрии чааһыгар Уһук Илин бары субъектарын кытта үлэлэһиэҕэ. Бу биһиги учуонайдарбыт билимҥэ-методикаҕа кыахтарын, университеты, уопсайынан, өрөспүүбүлүкэни билинии бэлиэтинэн буолар” – диэн эттэ.
Сэминээр-мунньах сүрүн сыалынан эрэгийиэннэргэ үлэни күүһүрдүү, федеральнай үөрэх бырагырааматын олоххо киллэриигэ мэтэдиичэскэй сүбэни ылыы, оҕону духуобунай, сиэр-майгы өттүнэн иитиигэ болҕомто уурууну күүһүрдүү, уопут атастаһыы буолар.
Сэминээр-мунньах иитинэн Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет үөрэтэр-лабараторнай куорпуһун көрүдүөрүн икки кытыытынан кыйа өрөспүүбүлүкэ бастыҥ уһуйааннара быыстапкаларын туруорбуттар. Тус бэйэм биһиги кэминээҕи оҕолор оонньуубут – баакка төннөн эрэрин биһирии көрдүм. Аны оҕону хамсатар:имсэтэр оонньуулар эмиэ бааллар, видеоҕа холбоон хайдах оонньонорун көрдөрөллөр. Бу курдук хамсаныылаах оонньуулар оҕону эт-сиин өттүнэн сайыннараллара чахчы. Уһук Илин уокуругуттан кэлбит кыттааччылар биһирии көрөллөр, ыйыталаһаллар, сэҥээрэллэрин биллэрэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: