Саха сиригэр улахан циклон кэлиэҕэ
Тыал хайысхата соҕуруулуу-илин диэки уларыйар түгэнигэр, Дьокуускай куоракка уонна өрөспүүбүлүкэ киин улуустарыгар буруолаах буолуон сөп. Бу туһунан брифинг кэмигэр Саха сиринээҕи гидрометеорология уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрөр управление начаалынньыгын солбуйааччы – гидрометкиин начаалынньыга Татьяна Маршалик иһитиннэрэр.
Киин улуустарга турбут циклон ааспыт сууккаларга туолан, хотугулуу-илин диэки сыҕарыйар. Онон өрөспүүбүлүкэ баһыйар өттүгэр ардах түһэрэ тохтообута бэлиэтэнэр. Ардахтар өрүс уҥуоргу, Томпо уонна Өймөкөөн улуустарыгар түһэллэр. Ону тэҥэ, салайааччы бэлиэтииринэн, улахан циклон өрөспүүбүлүкэ соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр тахсара күүтүллэр. Ол түмүгэр Ленскэй, Сунтаар, Ньурба улуустарыгар уонна Өлүөхүмэ улууһун арҕаа, Мииринэй улууһун соҕуруу өттүлэригэр араас тэтимнээх ардахтар түһүөхтэрэ.
“Ленскэй улууһугар дохсун этиҥнээх ардах түһүөҕэ, тыал күүһүрэр кэмигэр сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэҕэ тиийиэҕэ. Киин улуустарга ардаҕа суох, 23-28 кыраадыс сылаас турар. Арктика кытылынан, арктика сирдэринэн кыралаан ардыа, ортотунан 5-7 кыраадыс буолуоҕа”, — диэн Татьяна Маршалик иһитиннэрдэ.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: