Саха сиригэр улуустарынан оттук сезона хаһан түмүктэнэрий?

Share

Саха сирин үгүс оройуоннарыгар оттук сезона бу нэдиэлэҕэ түмүктэниэҕэ. Онуоха оттук сезона +8С кыраадыс 5 күн устата турбутун кэнниттэн тохтотуллуохтаах. Бу туһунан СӨ ОДьКХ министиэристибэтин пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.

Дьокуускай куорат административнай дьиэлэригэр уонна таас дьиэ пуондатыгар оттук сезона ыам ыйын 23 күнүгэр, оттон мас дьиэ пуондатыгар уонна социальнай эбийиэктэргэ бэс ыйын 1 күнүгэр түмүктэнэрэ былааннанар.

Сарсын, ыам ыйын 21 күнүгэр, Чурапчы улууһугар ититиини биэриини тохтотуохтара. Ыам ыйын 22 күнүттэн оттук сезона Амма, Нам, Уус Алдан, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар түмүктэниэҕэ.

Ыам ыйын 23 күнүгэр Томпо улууһугар, ыам ыйын 25 күнүгэр  Ньурба уонна Сунтаар улуустарыгар, ыам ыйын 26 күнүгэр Бүлүү, Горнай, Томмот улуустарыгар, ыам ыйын 27 күнүгэр Үөһээ Бүлүү уонна Кэбээйи улуустарыгар түмүктэниэҕэ.

Саха сирин Арктика оройуоннарыгар оттук сезона бэс ыйын саҥатыгар түмүктэнэрэ күүтүллэр, чуолаан бэс ыйын 18-19 күннэригэр уонна Аллайыаха улууһугар оттук сезона бэс ыйын 23 күнүгэр тохтуоҕа. Булуҥҥа оттук сезона сылы эргиччи ааһыаҕа.

Манна Өлүөхүмэ улууһун нэһилиэнньэлээх пууннарыгар оттук сезона салгыы ыытыллара бэлиэтэнэр.

Санатахха, оттук сезонун түмүктүүр туһунан быһаарыыны муниципальнай тэриллиилэр бэйэлэрэ ылыналлар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

4 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

29 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

48 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

2 часа ago
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

2 часа ago