Саха сиригэр умайа турар айылҕа баһаара суох

От ыйын 4 күнүнээҕи сарсыардааҥы туругунан Саха сиригэр умайа турар ойуур уонна ландшафтнай баһаардар суохтар, саҥа уот туруута бэлиэтэммэтэ.
Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ суһал ыстааба иһитиннэрэр. Ааспыт сылга бу кэмҥэ 296 699,8 гектар иэҥҥэ 118 ойуур баһаара бэлиэтэммитэ. Баһаартан сэрэхтээх буолуу кэмэ саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр барыта 61 000 га тахса уопсай иэннээх 338 айылҕа баһаара умуруорулунна, ол иһигэр ойуур пуондатын сирдэригэр — 54 000 га тахса иэннэх 153 ойуур баһаара.
Өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаардарыттан сэрэхтээх буолуу ураты эрэсиимэ олохтонно. Ону таһынан, Дьааҥы, Өлүөхүмэ уонна Эбээн-Бытантай улуустарыгар, Жатайга баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты эрэсиимнэрэ киллэрилиннилэр. Дьыл саҕаланыаҕыттан айылҕа баһаардарын 55 буруйдааҕа быһаарылынна, ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын кэспит иһин 118 боротокуол оҥоһулунна.
Айылҕа баһаара турбутун көрдөххүтүнэ, ойуур хаһаайыстыбатын эрэгийиэннээҕи диспетчерскэй сулууспатыгар бу нүөмэргэ эрийиҥ: 7 (4112) 44-74-76.
Ону сэргэ ойуур харыстабылын 8 800 100-94-00 биир кэлим нүөмэригэр эрийиэххитин сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: