Салгыы
Саха сиригэр умайа турар ойуур баһаара суох

Саха сиригэр умайа турар ойуур баһаара суох

08.07.2025, 11:01
СИА
Бөлөххө киир:

От ыйын 8 күнүн сарсыардатынааҕы туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ умайа турар ойуур уонна сир баһаара суох. Ааспыт сууккаҕа 1201 га иэннээх сиргэ биир  баһаары булан умулларбыттар. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ суһал ыстааба иһитиннэрэр.

Тэҥнээн көрдөххө: былырыын баччаларга 330 тыһыынчаттан тахса га иэннээх сиргэ 122 ойуур баһаара умайа турбута. Сайын саҕаланыаҕыттан ойуур пуондатын сирдэригэр уопсайа 56 485,85 гаа иэннээх 154 ойуур баһаара бэлиэтэннэ. 2024 сылга ити кэм устата 1 131 359,1 гаа иэннээх 604 баһаар тахсыбыта. Ону тэҥэ, атын категориялаах сирдэргэ 7678 га иэннээх 186 сир баһаара бэлиэтэннэ.

Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар баһаартан сэрэхтээх буолуу эрэсиимэ олохтоммута. Ону таһынан, Дьааҥы, Өлүөхүмэ уонна Эбээн-Бытантай улуустарыгар, ону тэҥэ Жатай  оройуонугар территориальнай анал баһаартан сэрэхтээх буолуу эрэсиимнэрэ үлэлииллэр.

Айылҕа баһаара тахсыбыт түгэнигэр тута Эрэгийиэннээҕи ойуур хаһаайыстыбатын диспетчерскэй сулууспатыгар бу төлөпүөнүнэн эрийиҥ: +7 (4112) 44-74-76. Өссө ойуур харыстабылын сулууспатын нүөмэригэр эрийиэххитин сөп: 8-800-100-94-00.

Бары сонуннар
Салгыы
12 июля
  • 24°C
  • Ощущается: 24°Влажность: 46% Скорость ветра: 6 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: