Саха сиригэр умайа турар ойуур баһаара суох

Share

Атырдьах ыйын 13 күнүнээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар умайа турар ойуур баһаара суох. Бу туһунан Саха сирин суһал ыстааба иһитиннэрэр. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата  суруйар.

Ааспыт сылга бу кэмҥэ  631 284,1 га иэннээх 100 ойуур баһаара умайара. Баһаартан сэрэхтээх буолуу кэмэ саҕаланыаҕыттан 191 348,84 га иэннээх 507 ойуур баһаара умуруорулунна, ол иһигэр ойуур пуондатын сирдэригэр уопсайа 159 890,8 га иэннээх 310 ойуур баһаара.

СӨ Ил Дарханын Ыйааҕынан бу сыл бэс ыйын 5 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ бары сиригэр-уотугар ураты баһаартан сэрэхтээх буолуу эрэсиимэ олохтоммута. Ону таһынан, Дьааҥы, Өлүөхүмэ, Чурапчы уонна Эбээн-Бытантай улуустарыгар, ону сэргэ Жатай бөһүөлэгэр ураты  баһаартан сэрэхтээх буолуу эрэсиимнэр  биллэриллибиттэрэ.

Ойуур баһаарын көрдөххүтүнэ, тутатына ойуур хаһаайыстыбатын эрэгийиэннээҕи диспетчерскэй сулууспатыгар бу нүөмэринэн эрийиҥ: 7-4112-44-74-76. Ону таһынан, ойуур хааайыстыбатын кэтээн көрөр биир кэлим нүөмэригэр эрийиэххэ сөп: 8-800-100-94-00.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Тооку» оҕо ханаала саҥа ойуулук трейлерын билиһиннэрдэ

Төрдүс сылын анимация уонна дубляж устуудьуйалара үлэлиир «Тооку» оҕо телеханаала «Тооку уонна Чысхаан» диэн саҥа…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн орто хамнаһы ааҕыы уларыйыаҕа

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн күүһүгэр киирэр уурааҕынан дойдуга орто хамнаһы быһаарар саҥа бэрээдэк үлэһиттэргэ хас…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Аҕа дойдуга сулууспа» аахсыйа: байыаннай дьайыы бэтэрээнэ оҕо лааҕырыгар лиэксийэ аахта

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Аҕа дойдуга сулууспа» сырдатар аахсыйатын чэрчитинэн, Арассыыйатааҕы «Билии» уопсастыбатын өйөбүлүнэн, Дьокуускай куорат «Арктика…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Чокуурдаахха сыл бүтүөр диэри канализация уутун ыраастыыр ыстаансыйаны үлэҕэ киллэриэхтэрэ

Аллайыаха оройуонун Чокуурдаах бөһүөлэгэр бу сыл бүтүөр диэри кирдээх ууну ыраастыыр ыстаансыйаны үлэҕэ киллэрэри былаанныыллар.…

7 часов ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Александра Иванова: 25 сыл биир тэрилтэҕэ

Александра Иванова номнуо сүүрбэ биэс сыл устата сөбүлүүр дьыалатыгар – тапталлаах «Сэттис халлаан» кафеҕа дьону-сэргэни…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай дьайыы буойуннарыгар анаан саалары туталлар

Бүгүн Саха сириттэн төрүттээх «Хаҥыл» позывнойдаах байыаннай сулууспалаах Саха сирин олохтоохторугар туһаайан,  байыаннай дьайыы буойуннарыгар…

7 часов ago