Салгыы
Саха сиригэр уон күн иһигэр 120 тахса ойуур уотун умуруордулар

Саха сиригэр уон күн иһигэр 120 тахса ойуур уотун умуруордулар

Ааптар:
11.07.2024, 12:57
Хаартыска: "Авиалесоохрана" ФБУ
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр от ыйын 1-10  күннэригэр, федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибит кэмигэр,  уопсайа 120 тахса ойуур баһаарын (197 тыһ. га)  умуллардылар.

Федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ өрөспүүбүлүкэҕэ от ыйын 1 күнүгэр биллэриллибитэ.

«От ыйын 1-10  күннэригэр Саха сиригэр 122 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 197 606 га) умуруорулунна», — диэн өрөспүүбүлүкэ суһал ыстаабыттан иһитиннэрдилэр.

«Авиалесоохрана» ФБУ дааннайынан, от ыйын 11  күнүгэр 08.00 ч. эрэгийиэҥҥэ 50 ойуур баһаара ( уот хаппыт уопсай иэнэ 212 тыһ.га) бэлиэтэммитэ. Бу баһаардары умуруорууга күүстээх үлэ ыытыллар.

Забайкалье кыраайыгар 123 баһаар (466 715 га), ону сэргэ Амур уобалаһыгар ( 44 ойуур баһаара, уопсай иэнэ 23 469 га), Бурятияҕа (64 баһаар, уопсай иэнэ 18 276 га), Красноярскай кыраайга (24 ойуур баһаара, уопсай иэнэ 4 687 га) бэлиэтэнэллэр.

Ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ билигин РФ 8 субъегар салҕанар, ол иһигэр Амур уобалаһыгар, Тываҕа, Бурятияҕа, Саха сиригэр, Забайкалье, Красноярскай кыраайдарга, Иркутскай уобалас уонна Хабаровскай кыраай оройуоннарыгар.

Билигин Саха сиригэр ойуур уотун умуруорууга 1853 киһи, 124 көлө үлэлиир. Ботурууллааһыҥҥа 12 , умуруорууга 8 салгын аала сылдьар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
25 октября
  • -6°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 73% Скорость ветра: 6 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: