Саха сиригэр уопсайа 766 ойуур баһаара умуруоруллубут

Share

Саха сиригэр ойуур баһаардара турар кутталлаах сезон саҕаланыаҕыттан, барыта 766 баһаар умуруоруллубут.

Уот хаппыт уопсай иэнэ 1,7 мөл. га диэн СИА суруллар. Оттон ааспыт сууккаҕа 20 350 га иэннээх сиринэн тэнийбит 22 ойуур баһаарын умуруордулар.

Маны таһынан, Горнай, Ньурба, Өлүөхүмэ улуустарыгар бохсуллубут алта баһаар уопсай иэнэ 28 549 га.

Билигин 108 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр. Ол иһигэр түөрт ураты харыстанар сиргэ. Баһаардар буола турар сорох сирдэригэр ардаата. Онон баһаарынайдар ардах кэнниттэн уоту бохсо охсорго бары күүстэрин уураллар, — диэн этэр СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Андрей Коноплев.

Ойуур баһаарын умуруорууга 1753 киһи, 151 тиэхиньикэ үлэлиир.

Муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ Абый, Бүлүү, Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Өлүөхүмэ улуустарыгар салҕанар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ судаарыстбаннай тэрилтэлэрин үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын үлэтин сыаналаата

Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүгэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай хааччыйыы үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын биэс…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр отчуокка үгүс киһи санаатын үллэһиннэ

Бу күннэргэ улуустарга баһылыктар отчуоттара саҕаланнылар. Бэҕэһээ Горнай улууһун салалтата Солоҕон уонна Мытаах, бүгүн Бэс…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Кыайыы знамята» Алдан улууһугар тиийдэ

Бүгүн, тохсунньу 15 күнүгэр, Уус Маайа улууһа "Кыайыы знамята" өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэни Алдан улууһугар туттарда. "Кыайыы…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Тиэхиньикэни тиэрдии былаана толорулунна

Саха сирэ "Патриотическай" ТОР федеральнай бырагыраама иитинэн 2024 сылга тиэхиньикэни тиэрдии былаанын толордо. Ол курдук,…

1 час ago