Саха сиригэр ускуустубаннай өй лабораторията аһыллыаҕа
Ускуустубаннай интеллект (өй) бастакы лабораторията Сбер «AI Journey: Путешествие в мир искусственного интеллекта» лиэксийэлэрин серияларын чэрчитинэн Дьокуускайга ИТ-пааркаҕа аһыллыаҕа.
Лаборатория киэҥ хабааннаах социальнай суолталаах кыһалҕалары быһаарарга ускуустубаннай өй технологияларын оҥоруунан уонна сайыннарыынан дьарыктаныаҕа.
«Өрөспүүбүлүкэ, дойду түргэнник сайдыыта аныгы кэмҥэ инники иһэр технологиялары туһаммакка эрэ кыаллыбат. Онуоха биир сүрүн оруолу, биллэн турар, Сбер өйөбүлүнэн аһыллыахтаах ускуустубаннай өй лабораторията ылар. Лаборатория көмөтүнэн социальнай хааччыйыы, доруобуйа харыстабылын, үөрэх уонна экология эйгэлэригэр кэккэ соруктары быһаарыы кыаллыаҕа», -– диэн Айсен Николаев бэлиэтээн эттэ.
Санатан эттэххэ, ускуустубаннай өй салаатыгар саҥа ситиһиилэргэ аналлаах «AI Journey: Путешествие в мир искусственного интеллекта» лиэксийэлэр киин куоракка балаҕан ыйын 24 күнүгэр буолуохтара. Манна Сбер, AIRI институт, Арассыыйа үрдүк үөрэҕин кыһаларын сүрүннүүр эспиэрдэрэ уонна бииргэ үлэлэһээччилэр санааларын атастаһыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: